Тохсунньу 9 күнүгэр Абакаяда уонна Семен Дежнев пааматынньыгын алдьаппыттарын туһунан сонун тарҕаммыта. Суһал көрдүүр үлэ түмүгэр, пааматынньыгы ахсынньы 26 күнүгэр отут түөрт уонна отут алта саастаах икки эр киһи эрдэттэн оҥостон кэлэн эрбээбиттэрэ билиннэ.
Буруйу оҥорооччулар иккиэн Хаҥаластан төрүттээхтэр эбит. Биирэ суут ыскаамыйатыгар урут иккитэ олоро сылдьыбыт. Биллэн турар, кинилэргэ Дежнев муннун эрбиир санаа арыгылааһын кэннэ киирбит. Эрэстэрээҥҥэ аһаан бараннар, үлэлиир сирдэригэр тиийэн эрбиир тэрил ылбыттар. Маҥнай илиитин быһар санаалаахтар эбит да, кыайбатахтар. Онон, муннун эрбээн баран тохтообуттар.
РФ Холуобунай кодексын 214-с “Вандализм”ыстатыйатын 1-кы чааһынан, буруйданааччылары 40 000 солк. эбэтэр үс ыйдаах хамнаc кээмэйинэн ыстарааптыырга, 360 чааска диэри булгуччулаах үлэҕэ эбэтэр биир сылга диэри болдьохтоох көннөрөр үлэҕэ ыытарга эбэтэр үс ыйга көҥүлүн сарбыйарга ууруохтарын сөп.
Өскөтүн буруйу хас да буолан, омугунан, итэҕэлинэн, бэлиитикэ өттүнэн абааһы көрөн салайтаран оҥорбуттара дакаастаннаҕына,буруйдааһын кытаатан, үс сылга диэри хаайыыга ыытыахтарын сөп.
Сонун төрдө: СӨ ИДьМ пресс-сулууспата