Киир

Киир

Бэҕэһээ бассаап ситиминэн 2021 cыл кулун тутарыгар 33 хатыыһы тутан айылҕаҕа 10 мөл. тахса солкуобайдаах хоромньуну оҥорбут Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтин олохтооҕо Яков П. тус баҕатынан олохтон күрэммитин туһунан ыар сурах тарҕанна.

Төһө да “дьиҥ төрүөтэ биллибэт” диэн суруйбуттарын иһин, хайа баҕарар көннөрү киһиэхэ итинник балысхан, өтөрүнэн төлөнөн бүппэт иэскэ киирии туохтааҕар да улахан охсуу буолбута сэрэйиллэр. Ол курдук, 30 тыһ. солк. хамнастаах ыал аҕата суут быһаарыыта тахсыаҕыттан ый ахсын ыстараабын туһатыгар 10 тыһ. солк. төлүү сылдьыбыт. Ол эбэтэр, кини икки сыл иһигэр баара-суоҕа 200 тахса тыһ. солк. төлөөбүтүн суоттаан таһаарыахха сөп. Тустаахха 10 мөл.солк. хаһан төлөнөн бүтэрин суоттаан көрүү туох да үчүгэй санааны сахпатаҕа чахчы. Эбиитин сыана үрдүү, олох ыарыы турдаҕа... 

Санатан суруйдахха, холуобунай дьыала тэриллээтин кытта, балыксыт, тиэйбит суоппарын кыттыһыннарбакка, буруйу барытын бэйэтигэр ылыммыта. Кэлин кэпсээбитинэн, ол күн арыгы испит буолан, ити балыктартан туох буруйга тардыллыан сөбүн үчүгэйдик өйдөөбөтөх. Ону киниэхэ суолга тохтоппут полиция үлэһиттэрэ өйдөппүттэр. Ол курдук, Алдан өрүстэн туппут хатыыһа “Кыһыл кинигэҕэ” киирбэт буолан баран, ураты сыаналаах балык, эбиитин эдэр төрүөх буолан биэрбит. Биир итинник хатыыһы тутуу иһин 160,5 тыһ.солк ыстараап уонна 100 % такса ананарын билбит. Онон, 2018 с. сокуоҥҥа киирбит уларытыынан, балыксыт туппут 33 балыгар 5,296  мөл. солк. ыстараап уонна такса анаммыт. Өссө хаайыыга олордуохтарын, оҕолордооҕун уонна буруйун толору билиммитин учуоттаан, “ыстараабынан эрэ муҥурдаммыттар”.

Ити курдук биир “байанайдаах” күн тыа ыалын нус-хас олоҕун аймаабыт, алдьаппыт. Оччолорго бу кыра-хара киһини өйүгэр да батан киирбэт улахан төлөбүртэн босхолуурга тоҕо биир даҕаны киһи турумматаҕа өйдөммөт. Төһө да итинник ыстараап, такса сокуонунан олохтоммутун иһин, быычыкаа хамнастаах тыа олохтооҕун, ыал аҕатын итинник улахан иэскэ киллэрии, инникитин сарбыйыы бэйэтэ ыар буруй буолбатах дуо? Аны кэлэн, киһи суох буолбутун кэннэ, өлөрүөхсүттэргэ, күүһүлээччилэргэ гуманнай сыһыанынан аатырар сууппут-сокуоммут боростуой тыа киһитигэр тоҕо гуманнайа суохтук сыһыаннаста диэн ыйытыы туһалаах буолуо дуо?

“Сахадэй” суруйуутугар олоҕуран бэйэ кэр.

Сэҥээриилэр

Сэмэн
0 Сэмэн 21.02.2023 09:13
Дьэ кэлэн, сымыйанан
Ответить
Болодьа
0 Болодьа 22.02.2023 18:43
Елбутун кэннэ биирдэ саныыгыт эрдэ суруйуохха айманыахха баара
Ответить

Санааҕын суруй