Киир

Киир

Былырыын саас биллэр учуонай, уопсастыбанньык, саҥаны айааччы Анатолий Чомчоев, икки итирик Росгвардия үлэһитэ дьиэтин аттыгар саба түһэннэр, кыл мүччү тыыннаах ордубута. Кини ытыалааһын кэннэ быһаҕынан анньыллан баран, түүҥҥү ыалдьыттары төлө көтөн, балыыһаҕа бэйэтэ айаннаан тиийбитэ. Быраастар көмөлөрүнэн, этэҥҥэ эпэрээссийэлэнэн, эмтэнэн, атаҕар түргэнник турбута.

Бу улахан айдааннаах дьыала, сылтан ордук силиэстийэҕэ сытан баран, кэмниэ-кэнэҕэс бэс ыйын 14 күнүгэр суукка көрүллэр буолла. Суут эмиэ сабыылаах барар түгэнигэр хайдах түмүктэниэ биллибэт. Ол иһин быһылаан тахсыбыт күнүттэн Анатолий Игнатьевиһы кытта бииргэ буолбут дьокутааттар Мария Христофорова уонна Елена Голомарева суут аһаҕас буоларын ирдэһэллэр. Кинилэр этиилэрин элбэх киһи өйүүр. 

Биллэн турар, Росгвардия үлэһиттэрэ кыттыгастаах дьыала хара маҥнайгыттан харгыстардаах тэриллэн барбыта. Буруйдаахтар көҥүлгэ сылдьан ууттан хайдах кураанах тахсары тобула сатыыллара биллибитэ. Ол курдук, билигин икки саба түһээччиттэн биирэ эрэ буруйга тардыллар туруктаах. Кини көрдөрүүлэрин бүтүннүү Анатолий Игнатьевиһы бэйэтин буруйдуур курдук бэлэмнээн биэрбит, ону ааһан сымыйаны бэрэбиэркэлиир полиграфтан батыммыт сурахтаах.

Dom Chemchoeva 1

Анатолий Игнатьевич ыксаллаах быһыыга-майгыга элбэхтик үлэлээбит, чөл өйдөөх-санаалаах киһи эрэ буолан, быһахтаах саба түһүүттэн быһааммыта. Кинини өйүүр дьон бары бэс ыйын 14 күнүгэр суут төһө сөптөөх быһаарыыны таһаарарын долгуйа күүтэллэр.  Дмитрий Ермолов, чааһынай бас билиигэ киирэн кырдьаҕас киһиэхэ саба түспүтэ, быһаҕынан анньан өлөрө сатаабыта дакаастанар дуу, суох дуу?  

Сонун төрдө: https://sakhaday.ru

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар