Киир

Киир

Атырдьах ыйын 23 күнүгэр, СӨ Үрдүкү суутугар былырыын сайын Орто Халыма Налимскайыгар ойуур баһаарын ыытыыга буруйдаммыт Аркадий Еремеев дьыалатын көрүү саҕаланна. 

«Аһаҕас» ааттаах суут мунньаҕар үс киһини, ол иһигэр буруйданааччы кыыһын уонна икки суруналыыһы, харабыл уолаттар, уон биэс мүнүүтэ кэриҥэ киллэрбэккэ, аан айаҕар туруордулар. Көрүү саҕаламмытын кэннэ биирдэ киллэрбиттэрин судьуйа Денисенко хойутаатылар диэн киллэрбэтэ. Харабыллар тоҕо итинник быһыыланалларын өйдөөбөтүбүт. Кинилэргэ оннук сорудах биэрэллэр эбэтэр бэйэлэрэ талбыттарынан дьаһайаллар? 

Туоһу буолуохтаах Горохов суукка тоҕо кыттыбата?

Көрүдүөргэ олорон Аркадий Иннокентьевич кыыһын кытта кэпсэтэбин. Аҕатын өйүү кэлбит киһи суут мунньаҕар кыайан киирбэтэҕиттэн олус хомойбут. Аҕата Налимскайтан тэйиччиттэн киирэн кыттыахтаах. Онно интэриниэт мөлтөхтүк үлэлиир эбит. Кыыс «Дьэ, хайдах холбонор...» диэн долгуйар, аҕата сылтан ордук хаста да «дьүһүн кубулуйбут» дьыалатыттан олус сылайбытын бэлиэтиир. Эбиитин, биир саамай эрэммит туоһулара лесничий Горохов, бэбиэскэ туппатаҕым диэн, бүгүҥҥү суукка кыттартан батынан кэбиспит. Дьиҥэр, хадаатайыстыбанан кыттар туоһу бэбиэскэтэ да суох кыттыан сөп эбит, буолаары буолан, тэйиччиттэн. 
 
Силиэстийэ кэмигэр биирдэ эрэ доппуруостаммыт лесничий Горохов «От ыйын 27 күнүгэр быһылаан буолбут сирин көрөр тэрээһиҥҥэ мин суох этим, атын сиргэ баһаар умуруора сылдьыбытым» диэн эппит. Суут ити көрдөрүүтүн аудио уһулууттан уонна боротокуолтан сотон кэбиспит. Ол кэннэ кини биирдэ даҕаны доппуруостамматах, бастакы инстанциялаах суут көрүүлэригэр сылдьыбатах...
 
Мантан барбыт бэбиэскэ Гороховка тоҕо туттарыллыбатаҕын албакаат быһаарсыах буолла, «Халыма суутун үлэһиттэрэ туоһу Горохов суукка кыттарыгар интэриэһэ суохтар, онон соруйан тиэрдибэтэх буолуохтарын сөп» диэн сабаҕалаата. 
 

«Понятой» Слепцов көрдөрүүтүн тоҕо уларытта?

Бу иннинээҕи ыстатыйаҕа суруйбуппут курдук, дознаватель Оконешников «понятойа» Слепцов бастакы көрдөрүүтүгэр хайдах баарынан - «быһылаан буолбут сирин көрөр тэрээһиҥҥэ сылдьыбатаҕым» диэбит этэ. Оччолорго суут силиэстийэтэ Аркадий Иннокентьевич туһатыгар салаллан испит эбит. Бүгүн биһиги понятой Слепцов ол бастакы көрдөрүүтүн, ыарыһах кыыһы күүһүлээн баран, Дьокуускайга СИЗО-ҕа сытан биэрбитин биллибит.

Ол эбэтэр, кини ити ыар буруйу баһаар араллаанын кэннэ оҥорбут  уонна сотору кэминэн бэрт дьиктитик «усулуобунайданан» көҥүлгэ тахсыбыт. Онон, Слепцов көҥүлгэ тахсаатын кытта, дьыала эмиэ көбүтүллэн саҥаттан көрүллэн барбыт. Ити курдук СИЗО-тан «өйдөнөн» тахсыбыт киһи, урукку көрдөрүүтүн уларытан, аны «быһылаан буолбут сирин көрөр тэрээһиҥҥэ баар этим» диэн турбут. Бу көрдөрүүнү Үөһээ Халыма суута «ыраас лиискэ» түһэрэн ылбыт.

Бириигэбэри көтүрэргэ төрүөт элбэх

Аркадий Еремеев оҥорботох буруйугар бириигэбэр ыам ыйын 18 күнүгэр тахсыбыта. Албакаат этэринэн, бириигэбэр тахсыбытын кэннэ суут үлэһиттэрэ үс хонук иһигэр боротокуол оҥорон буруйданааччыга уонна албакаакка биэриэхтээхтэр. Ону баара, ыам ыйын 31 күнүгэр диэри кинилэр тугу да туппатахтар. Аҥаардас бу чахчыттан Үөһээ Халыма суута кэһиилэри таһаарарын кэрэйбэт эбит диэн түмүккэ кэлиэххэ сөп. Оттон дакаастабыл буолбут силиэстийэлиир матырыйаалга киһи ааҕан сиппэт кэһиилэрэ бааллар. Ол курдук, Үрдүкү суукка үс улахан үҥсүүнү түһэрбит албакаат этэринэн:

1. От ыйын 27-28 күнүгэр быһылаан буолбут сирин тиийэн көрбөккө даҕаны, балаҕан ыйыгар хонтуораҕа олорон «осмотр» места происшествия» оҥорбуттар. 
 
2. Дьыалаҕа тиһиллибит хаартыскалар оҥоһуллубут дааталара атын-атын эбит, холобура: атырдьах ыйын 1 күнүгэр атын дэриэбинэ уола ааһан иһэрин ыҥыран ылан глушитель устарга көмөлөһүннэрэллэр, кэннинэн турдаҕына Оконешниковы кытта хаартыскаҕа түһэрбиттэр. Оннооҕор алтынньыга түһэрбит хаардаах хаартыскаларын от ыйын 30 күнүгэр түһэрбиппит диэн дакаастыыр матырыйаал быһыытынан дьыалаҕа тиспиттэр. 
 
3. Боротокуолга биир эрэ кыбаартал баһаара киириэхтээҕин, үс кыбаартал баһаарын киллэрбиттэр. Дьиҥэр, икки кыбаартал баһаара кэнники, атырдьах ыйын 12 күнүгэр, буолбуттар. Итилэри, «Акт о лесном пожаре» диэн докумуону туһанан, от ыйын 27 күнүгэр буолбут курдук көрдөрөллөр. 
 
4. Боротокуолга быыһылаан буолбут сирин көрөр тэрээһиҥҥэ сылдьыбатах дьону: буруйданааччы Еремеевы, Гороховы, Лаптевы, Белоноговы сылдьыбыт курдук суруйбуттар. Белоногов бэйэтэ билиммитинэн, кини ол күн уонна сарсыныгар атын сиргэ бара турар баһаары умуруорууга сылдьыбыт. 
 
5. Үөһээ Халымаҕа буолбатах суут мунньаҕы муус устар 19 күнүгэр буолбут курдук боротокуоллаан оҥорбуттар. Онно суруллубутунан, суут мунньаҕа Халыма бириэмэтинэн киэһэ 20.00 чааска, оттон Дьокуускай бириэмэтинэн киэһэ 18.00 чааска буолбут. Дьиҥэр, суут хаһан да итиччэ хойут буолбат. Маны ааһан, ити мунньахха сылдьыбатах дьону сылдьыбыт курдук суруйбуттар. Туох да аудио уһулуу оҥорботохтор. Аудио уһулуу оҥоһуллубатаҕын туһунан акт толорботохтор. Суут састаабыгар уларыйыы баарын: Тырылгина оннугар Березкина диэн атын сэкирэтээр кэлэн үлэлээбитин  ыйбыттар. Ол эрээри кыттааччыларга суут састаабын билиһиннэрбэтэхтэр, буруйданааччыттан сөбүлэһэҕин дуо диэн ыйыппатахтар. Онон, буолбатах суут мунньаҕын боротокуола сокуону нүдьү-балай кэһии баарын бэйэтэ бэйэтинэн көрдөрбүт. 
 
6. Ыам ыйын 18 күнүгэр бириигэбэри ааҕыыга Аркадий Иннокентьевич албакаата суох сылдьыбыт. Винокурова диэн тылбаасчыт баарын үрдүнэн, буруйдуур бириигэбэр тылбаастаабакка аахпыттар, ол иһин буруйданааччы тугу быһаарбыттарын үчүгэйдик өйдөөбөтөх. Билигин даҕаны кинини оскуолаҕа үөрэммит, аармыйаҕа сылдьыбыт, онон тылбаасчыкка наадыйбат киһинэн ааҕаллар. 
 
Онон, албакаат Егоров борокуруор Холмогоров буруйдааһына барыта дознаватель Оконешников, кини туоһута Слепцов сымыйа көрдөрүүлэринэн уонна метеостанция от ыйын 27 күнүн 2022 с. көрдөрүүтүн ыспыраапкатыгар олоҕуран  оҥоһуллубута диэн этэр. Онно тыал күүһэ сөкүүндэҕэ 12 м этэ диэн суруллубут. Оттон албакаат Егоров ылбыт ити күннээҕи Налимскай метеосводкатыгар тыал күүһэ сөкүүндэҕэ 3 м диэн этиллэр. 
 
Дьэ, ити курдук силиэдэбэтэл хомуйбут матырыйаала барыта улахан саарбахтааһыны уонна дьиксиниини үөскэтэр. Онуоха, Үөһээ Халыма суута силиэстийэ кэмигэр тахсыбыт кэһиилэри туоратарга албакаат түһэрбит ирдэбиллэрин биири да ылымматах. Онон, бастакы инстанциялаах суут аҥаардастыы Аркадий Еремеевы буруйдаах оҥорорго үлэлээбит диэн өйдүөххэ сөп. 
 

Бүгүн Аркадий Иннокентьевич, суут мунньаҕын мөлтөх интэриниэтинэн истэ сатыы олордоҕуна уоттара баран, сибээстэн сүтэн хаалла. Онон, суут мунньаҕа судьуйа дакылаатын ааҕан ортолоон истэҕинэ түмүктэнэн, атырдьах ыйын 24 күнүгэр салҕанар буолла. Оттон биһиги дьыала тугунан түмүктэнэрин кыраҕытык кэтиибит. Үрдүкү суут үөһэ ыйыллыбыт кэһиилэри барытын таба көрөр уонна билинэр ини диэн эрэнэбит.

Хаартысканы аһаҕас ситимтэн ыллыбыт. 

Матырыйаалы бэлэмнээтэ КҮНДЭЛИ.