Атырдьах ыйын 23-24 күннэригэр СӨ Үрдүкү суутугар былырыын Орто Халыма Налимскайыгар ойуур баһаарын ыытыыга буруйдаммыт үтүөлээх механизатор Аркадий Еремеев дьыалатын көрүү саҕаламмыта. Буруйданааччы уонна кини албакаата силиэстийэ хара бастааҥҥыттан балыырдаахтык барбытын, Үөһээ Халыма суута кэккэ кэһиилэри оҥорон бириигэбэр таһаарбытын дакаастыыр бигэ санаалаахтар. Онуоха, урут буруйданааччы туһатыгар кырдьыктаах көрдөрүүнү биэрбит туоһулар аны куота сылдьар буоллулар. Кинилэри ким куттаата?
Лесничэй Горохов ханна барбыта биллибэт...
Үрдүкү суут бастакы мунньаҕа, Орто Халымаҕа уот барбытыттан буруйданааччы сибээһэ быстан, ситэри буолбатаҕа. Онно Еремеевтэр саамай эрэммит туоһулара - лесничэй Горохов, бэбиэскэ туппатаҕынан куоһурданан, суут мунньаҕар киирбэтэҕиттэн сүрдээҕин хомойбуттара.
Орто Халыма суута, бэбиэскэни ол күн тиэрдиэх буолан баран, Гороховы кыайан булбатах аатыран, сарсыныгар даҕаны тиэрдибэтэҕэ. Оттон Еремеев дьонугар уонна албакаатыгар кыттыах буолан тылын биэрбит Горохов сибээстэн ымыччы сүтэн хаалбыта. Ити курдук баара-суоҕа «Дознаватель Оконешниковы кытта быһылаан буолбут сиригэр сылдьыбатаҕым» диэн кырдьыгы этиэхтээх тыыннаах туоһу, кимтэн эрэ куттанан, куота сылдьар буолан хаалбыт.
Санатар буоллахха, туоһу Горохов Үөһээ Халыма суутугар хайдах баарынан биэрбит соҕотох көрдөрүүтэ суут аудио уһулуутуттан уонна боротокуолуттан сүтэн хаалбытын туһунан албакаат санаатын суруйбуппут. Ол көрдөрүүнү Аркадий Еремеев уонна албакаат Альберт Егоров эт кулгаахпытынан истибиппит диэн бигэргэтэллэр. Онон, кинилэр Үрдүкү суукка суут мунньаҕын аудио уһулуутун идэлээх дьоҥҥо чинчийтэрэ биэрэргэ ирдэбил киллэрдилэр. Судьуйа Денисенко албакаакка «Үрдүкү суут ону бэрэбиэркэлиир боломуочуйата суох, онон ИДьМ уорганнарыгар бэрэбиэркэлэт» диэн эттэ.
Маны таһынан, албакаат олунньу 19 күнүнээҕи суут мунньаҕын боротокуолун бэрэбиэркэлэтэр санаалаах. Ол күн Үөһээ Халыма суута күнүс 16.00 чаастан (олохтоох бириэмэнэн) Дьокуускай суутун кытта дьыаланы туох да тохтобула суох көрөн бүтэрбит. Оттон боротокуолга тоҕо эрэ «Албакаат Егоров кэлбэтэ, онон суут мунньаҕа 18.00 чааска көстө» диэн суруллубут. Албакаат ол күн Дьокуускай суутугар анаммыт кэмҥэ кэлбитин, ол күн барыта буолуохтаах кэмигэр буолан ааспытын, туох даҕаны тохтобул, көһөрүү тахсыбатаҕын бигэргэтэр. Онон, кини Үрдүкү суукка бу «дьүһүн кубулуйбут» боротокуолу үчүгэйдик бэрэбиэркэлээҥ диэн ирдэбил киллэрдэ. Борокуруор манна сөбүлэһэн, Дьокуускай куорат суутугар ирдэбил түһэриэх буолла.
Силиэдэбэтэлгэ албыннаппыт кырдьаҕас албакаат көрдөрүүтэ
Үрдүкү суут иккис мунньаҕар Аркадий Еремеевка дьыала саҥа тэриллээтин кытары көмө буолбут 76 саастаах судаарыстыбаннай албакаат, биэнсийэлээх Иннокентий Оконешников кэлэн кытынна. Кини силиэдэбэтэл Доскалиев албыныгар киирэн биэрбититтэн сүрдээҕин кыһыйан-абаран туран тыл эттэ. «Силиэдэбэтэл Доскалиев буруйданааччы Еремеев доппуруоһун боротокуолугар «Тыраахтарым турбатыттан төлөн тахсарын көрбүтүм» диэн тыллары бэйэтэ эбэн биэрбит этэ. Онуоха, «Тоҕо этиллибэтэҕи киллэрдиҥ, сибилигин сот» диэн эппиппитигэр, сөбүлэһэн соппута уонна соттум диэн көрдөрбүтэ. Ол иһин Еремеев биһикки суут-сокуон киһитигэр итэҕэйэммит атын илиистэри көрбөккө эрэ илии баттаабыппыт. Кэнники көрбүппүт атын сирэйгэ көһөрөн биэрбит этэ», - диэн кырдьаҕас киһи кэпсиир. Борокуруор, албакаат кэпсээнэ төһө олохтооҕун билээри, аныгыскы суут мунньаҕар Доскалиевы ыҥырарга этии киллэрдэ. Биһиги санаабытыгар, силиэдэбэтэл бэйэтин утары көрдөрүү биэрбэтэ чахчы, онон кини кыттыбытыттан туох да уларыйбат.
Кырдьыгы этиэхтээх туоһу үлэтиттэн тоҕо уурайда?
Аркадий Еремеев албакаата дознаватель Оконешников быһылаан буолбут сирин, көрбөккө гынан баран, көрбүтүм диэн сымыйа боротокуолу оҥорбутун дакаастыыр хас да туоһу баарын мэктиэлиир. Олортон биирдэстэрэ дознаватель боротокуолга ыйбыт күнүгэр, чааһыгар олох атын сиргэ сылдьыбытын дакаастыыр хаартысканы илдьэ сылдьар. Ону көрдөрөөрү, кини Орто Халыма суутугар иккитэ кытта сатаабыт даҕаны, судьуйа Гончар уонна борокуруор Холмогоров чугаһаппатахтар. Онтон сотору кэминэн кини тоҕо эрэ үлэтиттэн уурайбыт уонна куоракка көһөн кэлбит. Аркадий Еремеев дьоно кинини ыҥыран Үрдүкү суукка туоһу быһыытынан кытыннарыахтарын баҕараллар. Үчүгэй дуоһунастан биллибэт төрүөтүнэн уурайбыт, саҥа олоҕу саҕалыыр киһи, эр санаа ылынан, кырдьыгы кэпсиэ дуо эбэтэр кинини тугунан эрэ олуйан эмиэ саҥарбат оҥордулар?
Холуобунай дьыаланы балаҕан ыйын 4 күнүгэр салгыы көрүөхтэрэ. Сылтан ордук буруйа суоҕун дакаастыы сатыыр Аркадий Еремеев улаханнык сылайбыт, сүр баттаппыт көрүҥнээх, ол эрээри чугас дьонун, албакаатын өйөбүлүнэн үлэлии-хамныы сылдьар, иннин диэки баран иһэр.
Оттон биһиги бу бутуурдаах «хараҥа» дьыалаҕа сырдыгы киллэрэр кыахтаах ыйыллыбыт туоһулар кэлэн кыттыахтара, Үрдүкү суут сөптөөх быһаарыыны таһаарыа диэн эрэнэбит.