Киир

Киир

Бүгүн СӨ Үрдүкү суутугар Үөһээ Халыма суутунан бу сыл ыам ыйын 18 күнүгэр РФ Холуобунай кодексын 261 ыстатыйатын 1 чааһынан ойуур уотун ыытыыга буруйданан 1 сыллаах күһэлэҥ үлэҕэ уонна 700 000 солк. ыстараабы төлүүргэ ууруллубут Аркадий Еремеев ааһынар үҥсүүтүн бүтэһигин көрдүлэр.

Суукка силиэдэбэтэл Доскалиев кэлэн кытынна. Биллэн турар, кини барытын сөпкө гыммытым диэн кэпсээтэ. Инники хаста да ыҥырыллан баран, бэбиэскэ туппатаҕым диэн ааттаан кэлбэтэх, сүтэ сылдьыбыт туоһу Горохов бүгүн кыайан кыттыбата. Албакаат Егоров бу туоһуну аныгыскыга ыҥыран истиэххэ диэбитин борокуруор Колесов «ааспыкка биирдэ кэлбитигэр албакаат суох этэ, онон хаттаан ыҥырар «приличнайа суох» диэн ыҥырартан батынна. Оттон бэбиэскэлээх туоһу инники хаста да кэлбэтэҕин, сүтэ сылдьыбытын кини тоҕо эрэ туох да диэбэтэҕэ.

Албакаат Егоров холуобунай дьыала хара маҥнайгыттан үтүмэн кэһиилээх тэриллибитин, матырыйаалы хомуйуу албын-көлдьүн аҥаардаах барбытын биир чаас кэриҥэ кэпсээтэ. Кини Үөһээ Халыма суута буруйданааччы быраабын хайдах кэспитин, албакаат биир даҕаны хадаатайыстыбатын ылымматаҕын, Аркадий Еремеев туһугар уонунан туоһу көрдөрүүтүн учуоттаабакка, аҥаардастыы дознаватель Оконешников онтон-мантан хомуйан оҥорбут, биир да чахчыга сөп түбэспэт матырыйаалыгар олоҕуран бириигэбэр таһаарбытын, онно бэйэтэ ыарахан дьыаланан буруйдана сылдьар туоһу Слепцов көмөлөспүтүн дакылааттаата.

Буруйданааччы, үтүөлээх мэхэньисээтэр Аркадий Еремеев дознаватель Оконешников холуобунай дьыалаҕа буолбатаҕы, суоҕу тиспитин, оперативник А. кинини, төгүрүк суукканы быһа утуйбакка баһаар умуруоран кэлбитин кэннэ, уһугуннара-уһугуннара доппуруостаабытын, доппуруоһу көһөрөргө көрдөспүтүн ылымматаҕын, оннук туруктаах киһиэхэ өссө илии баттаппытын кэпсээтэ. Түмүккэ ойуур уота тыраахтартан барбыт диэн буруйдааһыҥҥа сөбүлэспэтин уонна буруйун билиммэтин эттэ.

Борокуруор, барытын сөбүлэспэтэр даҕаны, Үөһээ Халыма суутун үлэтигэр буруйданааччы быраабын кэһии уонна онтон да атын итэҕэс баарынан, Аркадий Еремеев бириигэбэрин көтүрэргэ уонна ааһынар үҥсүү сорох ирдэбилин толорорго эттэ. Ол кэннэ судьуйа Денисенко Үрдүк суут быһаарыыта балаҕан ыйын 22 күнүгэр тахсыа диэн биллэрдэ.  

Дьэ, онон, ыйыллыбыт күҥҥэ туох-ханнык быһаарыы тахсарын бары долгуйа күүтэбит. Төрөөбүт улууһун тыатын хаһаайыстыбатыгар түөрт уонтан тахса сыл эҥкилэ суох үлэлээбит үтүөлээх мэхэньисээтэр кыларыйан турар кырдьыга кыайар ини диэн эрэнэбит.

Бэйэ кэр.

Санааҕын суруй