Киир

Киир

Кэнники сылларга, саха норуотун иннигэр улахан өҥөлөөх, биһиги тумус туттар киһибитигэр Егор Петрович Жирковка бииртэн биир холуобунай дьыала тэриллэн, суукка соһуу тохтообот. Туох да дакаастабыла суох, бу киһи аҥаардастыы буруйдааҕар итэҕэтэр сыаллаах баһааҕырдар матырыйааллар тахсаллар. Маны көрөн олорон: “Бу тугуй? Кимнээх туох сыал-сорук туруорунан, ким сорудаҕынан маннык буола турарый?” – диэн бэркиһии саныыгын. Салгыы, “Сахалайф” саайтан тутулуга суох суруналыыс Виктория Габышева матырыйаалын аҕалабыт.

 Суоҕу баар диир хайдаҕый?

2022 с. айылҕаны көмүскүүр борокуратуура солбуйааччы борокуруора А.В. Шибина СӨ Экология министиэристибэтигэр ирдэбил түһэрбит. “Гектар ылбыт бөлөх лиссиэнсийэтэ суох базальт хостуур үлэни ыытар, онон дуогабары көтүрэргэ, гектары былдьаан ыларга” диэн. Бу буруй олоҕо суоҕа тута дакаастаммыт. Тоҕо диэтэххэ, Уһук Илиннээҕи Геология информациятын пуондатын ыспыраапката көрдөрөрүнэн, ханнык да хостонор баай манна суох. Суохха тугу суоруоххунуй? Ханнык хостонор баай баар буолан, судаарыстыбаҕа хоромньу оҥоһуллубутуй? Министиэристибэ борокуратуураны истэн, ирдэбил түһэрбит эрээри, суукка кыайтарбыт.

Ол эрээри, буулуу сатааччылар уоскуйбатахтар. Егор Петрович ону: “Борокуратуура хайаан да буруйу оҥорууну була сатыыра, “лиссиэнсийэтэ суох базальты хостообуттар” диэн түмүккэ аҕалара дьикти. Дьыала РФ Холуобунай Кодексатын 171-с ыстатыйатыгар иэҕиллэр – сокуоннайа суох урбаанынан дьарыктаныыга (Незаконная предпринимательская деятельность). Буруйу оҥоруу састааба уонна чахчылара суох эрээри, кими эрэ буруйдаары эрэ тииһэр курдуктар”, – диэбитэ. Ол аата, кинини бэйэтин буоллаҕа...

Силиэдэбэтэл хостонор баайы “көрдөөбүтэ”

Суут ирдэбилэ хаста да эрэдээксийэлэммит, тиһэҕэр “базальт” диэн тыл олох да сүтэн хаалбыт. Силиэстийэлээччи базальт суоҕун туоһулуур ыспыраапканы син аахпыт. Ол оннугар “диопсидтаах сир баайа” диэн тыл күөрэйэн тахсыбыт, “Жирков сокуонунан лиссиэнсийэтэ суоҕа” дэммит. Ханнык баҕарар айылҕа баайын сир анныттан хостуурга, хайаны байытар үлэҕэ анал тиэхиньикэ наада, скважинаны үүттүүр, дэлби тэптэрэр үлэлэр ыытыллыахтаахтар. Ону баара, оннук үлэлэр бу сиргэ да, чугастыы да ыытыллыбатахтар. Оччоҕо туох үлэ барбытый? Ханнык баҕарар гектар ылбыт киһи учаастагын ыраастыахтаах (рекреация үлэтэ). Ол судаарыстыбанан көҕүлэнэр, ирдэнэр даҕаны.

90-с сылларга диэри бу сиргэ “Алдан­сүлүүдэ” хайаны байытар кэмбинээт үлэлээбит – ол тохтообутун кэннэ, барыта быраҕыллыбыт, производство тобоҕо, сыбаалка эрэ хаалбыт. Биллэн турар, Жирков учаастагын ыраастаан, хаһаайыстыбаннай үлэтин саҕалаатаҕа. Погрузчиктары, самосваллары аҕалан, производство тобохторун хомуйан, бөҕү тиэйэр-таһар үлэлэри ыыттаҕа, суолу, былаһааккалары бэлэмнэттэрдэҕэ. Оттон силиэдэбэтэл бу үлэлэри айылҕа баайын хостуур үлэлэри кытта бутуйар эбит. Бу гектар атын киһи аатын кытта сибээстээҕэ буоллар, ким да онно кыһаллыа суоҕа буолуо...

Туох иһин?

Дьыаланы үөрэтэн көрөн баран, В.Габышева “өйдөөбөтүм” диэбит. Е.П. Жиркову айылҕа баайын хостооһуҥҥа буолбакка, сиргэ сытар тобоҕу хомуйбутугар буруйдууллар эбит. Ол сыаналаах тобох да буолбатах – кураанах шлак, көннөрү боруода. Ол туһуттан киһини холуобунай эппиэтинэскэ тардар төһө сөбүй? Баҕар, ол киһиэхэ кутталлаах тобох буолуо? Суох. Сүлүүдэ тобоҕо куттала суох (нулевой класс опасности), ону хомуйуу, наардааһын, таҥастааһын (обработка), тиэйии, туох да анал көҥүлү ирдээбэт. Баҕар, Жирков ол тобоҕу ханна эрэ таах илдьэн кутан кэбиспэккэ, туһаҕа таһаарбыта ордук долгуппута буолуо? Сокуон ону эмиэ бопсубат. РФ Төрүт сокуонун 34-с ыст. “Ким баҕарар сокуонунан көҥүллэнэр урбаанынан, атын да экэнэмиичэскэй дьыаланан дьарыктаныан сөп” дэнэр.

Бу тобохтон, Базальт собуота минеральнай таас баатаны – дьиэни сылытар үллүгү оҥорбут. Жирков собуот дириэктэрэ этэ. Собуот бэйэтэ тугу да хостообото, сырьенан сокуонунан регистрацияламмыт “Минеральное промышленное сырье” ХЭТ хааччыйара. Бу ХЭТ сүрүн дьарыга – куттала суох тобоҕу хомуйуу, салгыы матырыйаалга туттарга араарыы, хос таҥастаан оҥоруу.

Силиэдэбэтэл фантаст дуу, эбэтэр Жирков кубулунар дуу?

Бу тэрилтэлэр дуогабар түһэрсибит­тэр. Итиннэ улахан барыс ыла сатыыр “хара санааны”, онно Жирков кыттыгаһын ханна көрдүлэр? Бу дуогабартан кини тус счетугар үп-харчы киириитин туоһулуур чахчы баар дуо? Туох да суох. “Буруйу оҥоруу” баарын туһунан туох чахчы, ханнык эмэ даата суох. Хаста да ахтыллыбыт кэм Е.П. Жирковка буолбакка, “Минпромсырье” ХЭТ Базальт собуотун сырьенан хааччыйар дуогабарыгар сыһыаннаах. Дуогабарга Жирков тус счетугар харчыны ыытыы туһунан туох да суох. Дуогабардар айылҕа баайын хостооһуҥҥа туох да сыһыана суохтар.

Силиэдэбэтэл буҕалтыарыйа эспэртиисэтин ыыттарбытыгар, Базальт собуота дуогабарынан киллэрбит үбүлээһинэ барыта “МинПромСырье” ХЭТ счетугар кэппиэйкэтигэр тиийэ киирбитин туһунан баар. Ол эрээри, силиэдэбэтэл хайаан да уорбалыыр санааҕа иэҕэ турар: “хайдах тугу да туһамматах буолуой!” диэн. Бэйэҥ хайдаххын да, оннук сыаналыыгын диэн дии... Онон докумуоҥҥа: “Е.П. Жирков... “МинПромСырье” ХЭТ дьиҥнээх салайааччыта буолан”... дэммит. Быһата, Е.П. Жирков “көстүбэт генерал” оруолугар сылдьан, туох баар үбү бэйэтэ ыла олорбутун курдук.

“Сир аннынааҕы баай туһунан сокуон“ (“Закон о недрах”) сүрүн өйдөбүлэ – “сир анна” (“недра”). Бу өйдөбүл ойуур учаастага, сир учаастага диэн өйдөбүлтэн атын. Силиэдэбэтэл ону өйдөөбөт дуо? “Ойуур учаастага” диэн өйдөбүлү Ойуур кодексата быһаарар, оттон “айылҕа баайдаах сир учаастагын” – 119-с №-дээх Федеральнай сокуон быһаарар айылҕа баайдаах учаастагын баһылата да биэриэ суох этилэр. Оннук учаастактар Уһук Илиҥҥи гектарынан түҥэтиигэ бэриллибэттэр даҕаны.

Буруйдуохха эрэ диэн?

Силиэдэбэтэл Е.П. Жирков ыраастыыр үлэни, рекреацияны ыыппытын “айылҕа баайын хостуур үлэлэр” диэн сыаналыыр, “ол буруйу оҥоруу” (ХК 171-с ыст.) диэн быһаарар. Гектар учаастагын – “сиртэн хостонор баайдаах сир (месторождение)” диир. Ол сиргэ хаһан эрэ, сүлүүдэ хостоно сылдьыбыт да, саппааһа былыр үйэҕэ бүппүт. Бу сир учаастага федеральнай суолталаах месторождениеҕа киирсибэт. Силиэдэбэтэл Жирковы “диопсид хостообут” диирэ туох да оруна. Ханна баарый, дакаастабыла? Хостуур үлэлэр, дэлби тэптэриилэр? Буруйу оҥорууну дакаастыыр чахчылар суохтар. Барыта тарбахтан эмэн оҥоро сатааһын, кураанах тыл.

Кулун тутар ый бүтүүтэ силиэдэбэтэл А.Васильев буруйдуур түмүгүн уонна дьыала матырыйаалларын Борокуратуура нөҥүө Алданнааҕы суукка ыыппыт. Бу иннинэ буолбут икки мунньахха бастакы инстанция судьуйалара Борокуратуура көрүүтүнэн дьыаланы быһаарбыттара. Олоххо көстөрүнэн, холуобунай юрисдикция судьуйалара борокуратуура буруйдууруттан туораабаттар. Онон, хайдах буолар? Егор Петрович Жирков “судьуйалар тутулуга суох буолуохтаахтар” диир, судаарыстыба Төрүт сокуонугар эрэ эрэнэр. Дьыала хайдах буоларын кэтээн көрүөхпүт.

Виктория Габышева. 
Н.ГЕРАСИМОВА бэлэмнээтэ