Эрин илиититтэн кулгааҕа, мунна, иэдэһэ суох хаалбыт 34 саастаах Өлүөхүмэ олохтооҕор, түөрт оҕо ийэтигэр Анастасия Ивановаҕа харчы хомуура саҕаланна. Санатар буоллахха, киниэхэ хаайыыттан тахсыбыт эрэ, эмискэ саба түһэн, сирэйин оҕолоро көрөн турдахтарына кэбилээбитэ.
Анастасияҕа уонна оҕолоругар билигин олус ыарахан. Итиччэ ынырык сэймэктээһинтэн эдэр дьахтар уйулҕата улахан охсууну ылбыта өйдөнөр. Эбиитин, тулаайах улааппыт буолан, көмө көрдүүр дьоно суох. Кыра хамнаска санитарканан үлэлээбит элбэх оҕолоох ийэ уурунуу харчыта суоҕа биллэр. Оттон сирэй оҥорор эпэрээссийэлэр бас быстар сыаналаахтар.
Арай, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа хирургия салаатыгар муннун босхо «тилиннэриэх» буолбуттар. Ол эрээри бу бааһа остоҕуна, от ыйын саҥатыгар биирдэ, кыаллар. Онтон атынын, кулгааҕын уонна иэдэһин, Дьокуускайга кыайан оҥорботтор эбит. Онон, ыал ийэтэ киһилии олоххо эргиллэригэр элбэх үп-харчы ирдэнэр.
Анастасияны билигин бииргэ үлэлиир коллегата көрөр-истэр диэн суруйаллар. Оттон оҕолор ийэлэрэ чөлүгэр түһэн кэлэрин кэтэһээхтииллэр. Амарах санаалаах Сахабыт сирин олохтоохторо Анастасия чөл туругар төннөрүгэр көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэнэбит. Көмө харчыны ыытар дааннайы нууччалыы таһаарабыт.
КӨМӨНҮ ЫЫТАР РЕКВИЗИТТЭР:
Получатель: Иванова Анастасия ГригорьевнаНомер счёта: 40817810876001563855Банк получателя: ЯКУТСКОЕ ОТДЕЛЕНИЕ N8603 ПАО СБЕРБАНКБИК: 049805609Корреспондентский счёт: 30101810400000000609ИНН: 7707083893Почтовый адрес банка: г. Олекминск, ул. Молодежная, 10