Саха сиригэр эмиэ саанын ытыаластылар. Бу сырыыга быһалаан Чурапчы улууһун Мырылатын таһыгар буолбут. Улуустааҕы ИДьМ үлэһитэ СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, ыам ыйын 7 күнүгэр буолбут иэдээннээх быһылааҥҥа икки киһи кыттыгастаах. Биир киһи бааһырбыт.
“Ытыалаһыы буолбутун туһунан иһитиннэрии улуустааҕы полиция отделыгар 19:00 чаас кэннэ киирбитэ. Полиция үлэһиттэрэ туох буолбутун быһаараары тута дэриэбинэҕэ айаннаабыттара. Эмсэҕэлээбит киһини саньытаарынай эриэйсэнэн Дьокуускайдаппыттара. Уорбаланааччы тутулунна. Билигин силиэдэбэтэллэр үлэлииллэр”, – диэн ИДьМ Чурапчытааҕы отделын үлэһитэ СИА-ҕа кэпсээбит.
Быраабы араҥаччылыыр уорганнар бэлиэтээбиттэринэн, бэҕэһээ, ол эбэтэр ханыы күҥҥэ (оптуорунньук), уот барбытыттан сылтаан, Мырылаҕа сибээс суоҕа эбитэ үһү. Былааннаах өрөмүөн үлэтин чэрчитинэн, Чурапчы улууһугар уот 16:00 чааска диэри арахсан турбут.
Санатар эбит буоллахха, ити эрэ иннинэ, ыам ыйын 5 күнүгэр, Таатта улууһун Баайаҕатын таһынааҕы сылгы базатыгар ытыалаһыы буолбута. Икки киһи эмсэҕэлээбититтэн, биирэ өлбүтэ. Сааламмыт киһи куоппута. Кинини иккис күнүгэр, ол эбэтэр ыам ыйын 7 чыыһылатыгар, туппуттара.