Ааспыт нэдиэлэ устатыгар Саха сирин 12 олохтооҕо түөкүннэргэ барыта 32 мөлүйүөн солкуобайы “бэлэхтээбиттэр”. Ол туһунан аан күн сарсыарда өрөспүүбүлүкэ борокуратуурата иһитиннэрдэ.
Түөкүннэр икки биэнсийэлээҕи, икки медиги, устудьуону, аналитигы, тэхиниичэскэй үлэһити, иитээччини, урбаанньыты уонна да атын идэлээх дьону албыннаабыттар.
Саамай элбэх харчыны “ФСБ-тан”, “ИДьМ-тан”, “Баантан” эрийэбит диэн албыннаан, үктэтэн ылбыттар. Ону таһынан, инвестиция уонна криптовалюта тиэмэтинэн угаайыга киллэрбиттэр.
Ол түмүгэр, биэс киһи “инвестициялаан харчы өлөрөөрү” уонна криптовалюта “атыылаһаары” 25 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайдарын сүтэрбиттэр. Алта киһи үөһэ ыйыллыбыт тэрилтэлэр уонна уорганнар бэрэстэбиитэллэрин кытта кэпсэтэбит дии санаан, 6 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайдарын уордарбыттар.
Ытыктабыллаах ааҕааччылар, ис дьыала уорганнара сэрэхтээх буоларга ыҥырыллар.