Бу сыл муус устар 7 күнүгэр ойоҕо арахсан эрэрин сөбүлэспэккэ, саба түһэн муннун уонна иэдэһин быспыт Евгений Иванову Өлүөхүмэ оройуоннааҕы суута кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа 5 сылга хаайарга уонна эбии 1 сылга көҥүлүн быһарга бириигэбэр таһаарда.
Маны таһынан, суут эр киһи ойоҕор улахан моральнай охсууну оҥорбутун иһин 2 мөлүйүөн солкуобайы төлөтөргө быһаарда. Бу буруйданааччы бастакы сидьиҥ быһыыта буолбатаҕын, ойоҕун оҕолор көрөн турдахтарына кэбилээбитин бэлиэтиибит. Дьиктитэ диэн, дьахтар туруорсубутун үрдүнэн, эр киһи аҕа буолар быраабын аныаха диэри быһа иликтэр.
Дьахтар суруналыыстарга маннык бириигэбэри сөбүлэспэтин, эчэйиитэ оһо илигин, сыаналаах эпэрээссийэ оҥоһуллуохтааҕын, буруйдаах анаммыт харчыны син биир кыайан төлөөбөтүн эппит. Суут быһаарыыта сокуоннай күүһүгэр киирэ илигин, өрүттэр ааһынар үҥсүү суруйар бырааптаахтарын санатабыт.
Сонун төрдө: Сахадэй