Киир

Киир

Ураты бөдөҥ кээмэйдээх сиэрийэнэн түөкүннээһини оҥорбутун иһин Кэмиэрчэскэйэ суох садоводческай товарищество (СНТ) бэрэссэдээтэлигэр холуобунай дьыала тэрийдилэр. СӨ ИДьМ Силиэстийэлиир управлениетын силиэдэбэтэллэрэ Нам аартыгар уонна Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр киирэр сирдэри албынынан атыылаабыт 53 саастаах киһини туттулар.

Силиэстийэ биэрсийэтинэн, СНТ бэрэссэдээтэлэ Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын Баайга-дуолга уонна сир сыһыаныгар департаменын кытта Нам тыраагын 13 уонна 14 киэлэмиэтиригэр тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга аналлаах сирдэри түүлэһиигэ дуогабар түһэрсибит. Кини бу сирдэри, сокуонунан сөпкө туһаммакка элбэх учаастакка арааран, дьиэ тутарга анаан дьоҥҥо атыылаабыт. Ол туһугар атыылаһыан баҕалаахтары бас билиигэ дэбигис ылыаххыт диэн итэҕэппит, көмөлөһүөх буолан эрэннэрбит.  

Силиэстийэ киин куоракка 100 мөл. солкуобайтан тахса кээмэйдээх хоромньу оҥоһуллуутун дакаастыыр тэрээһиннэри ыытыахтаах. Бу, билиҥҥи туругунан, 900 кэриҥэ сир учаастагын хабар. Онон, Дьокуускай суутугар ити сирдэри буоҕуллуур (арестыыр) туһунан хадаатайыстыба ыыттылар. Буруйдаанааччы дьону албыннаан төһө барыыһы киллэриммитэ чопчу биллибэт. Бу сирдэргэ дьиэлэр тутулланнар, ону төттөрү ылар уустугуран турар. Ити курдук дьаһалта хоромньута өссө улаатар туруктаах.

Маны таһынан, силиэстийэлиир уоргаҥҥа Тулагы-киллэм нэһилиэгэр үс сири атыыласпыт дьахтартан сайабылыанньа киирдэ. Кини буруйданааччыга  2 250 000 солкуобайы төлөөбүт. Онон, «Сатал» СНТ сирдэригэр түөкүннээһиҥҥэ түбэспиттэри  Дьокуускай к. Дзержинскэй уул. 35/2-с дьиэтигэр, 517-с кэб. тиийэргитигэр эбэтэр 8 (928) 861-55-74, 8 (924) 178-26-06 нүөмэргэ эрийэргитигэр көрдөһөллөр.

Сонун төрдө: Дьокуускай к. уокуруктааҕы дьаһалтата

 


Мои коллеги из Управления уголовного розыска МВД по Республике Саха (Якутия) совместно с сотрудниками регионального УФСБ России задержали пятерых местных жителей, трое из которых – несовершеннолетние. Они подозреваются в жестоком обращении с животными, совершенном группой лиц по предварительному сговору с применением садистских методов.

Предварительно установлено, что преступления совершали трое юношей и две девушки в возрасте от 16 до 19 лет. Через интернет-сервис частных объявлений они приобретали кошек, а затем жестоко убивали их различными способами. В настоящее время известно о четырех подобных фактах.


Возбуждено уголовное дело по признакам преступления, предусмотренного частью 2 статьи 245 УК РФ. Фигурантам предъявлены обвинения, в отношении них избраны различные меры пресечения.

Бүтэһик сонуннар