Киир

Киир

Мэҥэ-Хаҥалас олохтооҕо К. ааспыт сыл ахсынньы 20 күнүгэр кинини «быраҕан барбыт» таптыыр кыыһыгар кэлбит уонна массыынаҕа киирэн кэпсэтэргэ көрдөспүт. Онтон эйэлэһэр дуу, иэстэһэр дуу санааттан кыыһы албыннаан Аллараа Бэстээхтэн Майаҕа илдьибит.

Кыыс албыннаппытын билэн айдаарбытыгар, түөрт төгүл сутуругунан сирэйгэ охсубут. Ол түмүгэр, кыыс муннун уҥуоҕа тостубут. Салгыы уордайбыт эрэт кыыһы массыынаттан таһааран үлтү кырбаабыт. Онтон төттөрү олордон квартиратыгар илдьибит уонна тохсунньу 6 күнүгэр диэри ыыппакка хаайан олордубут.  

Эмсэҕэлээбит кыыс кэпсээбитинэн, К. кинини аймахтарын кытта басаабынан эрэ, көрөн туран кэпсэтиннэрэр, ону ааһан, кыыс көстүбэтин диэн, түннүктэрин суорҕанынан сабар, барарыгар аанын күлүүһүнэн хатыыр эбит.

Ахсынньы 26 күнүгэр кыыс бараары аймаммытыгар эмиэ үлтү кырбаабыт.  Тохсунньу 6 күнүгэр арыгы испит К., суотабайын умнан остуолга ууран баран, утуйан хаалбыт. Онуоха кыыс, чугас киһитигэр сибээскэ тахсан, көмө көрдөөбүт. Онон, кыыһы биир чааһынан полицияны кытта кэлэн босхолообуттар.  

Буруйданааччы оҥорбут буруйун билиммит, онон кинини суут саалатыттан кытаанах режимнээх холуонньаҕа биэс сылга ыыттылар.

Сонун төрдө: Этэрбэс Араадьыйата

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар