Дьокуускай куораттааҕы суут бүгүн кик-боксаҕа аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнүн Иннокентий Макаровы өлөрбүт киһини бириигэбэрдээтэ. Буруйдаах кытаанах эрэсиимнээх күлүүс хаайыытыгар 9 сылга уураахтанна.
“Сууттанааччы Степанов РФ ХК 105 ыст. 1 ч. буруйдааҕа билиннэ уонна 9 сыл кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа көҥүлэ быһынна” , — диэн суукка уураахтаатылар. Маны таһынан, Макаров өлүгүн кистэспит көмөлөһөөччү 180 тыһ. солк. ыстырааптанна уонна эмсэҕэлээччи өрүккэ 2 мөл. солк. хоромньуну төлүөҕэ.
Бу айдааннаах холуобунай дьыала 8 туомнаах. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик, инньэ гынан өрүттэр уон күн иһигэр ааһыныахтарын сөп.
Санатар буоллахха, былырыын сэтинньи 5 күнүгэр Макаров баанньыгар 36 саастаах сууттанааччы арыгы иһэн баран иирсээн түмүгэр быһахтаабыта. Өлүгү Бүлүүлүүр аартык 45 км илдьэн кистээбиттэрэ. Кистэһээччи – Острельдин – өлөрүөхсүт аймаҕа. Өлүгү хас да хонон баран биирдэ булбуттара.