Киир

Киир

Нерюнгрига “Денисовскай” хайаны байытар кэмбинээт үлэһитэ бэҕэһээ шахта сиҥниитин түмүгэр суорума суолламыт. Өлүгү бүгүн буллулар. Бу туһунан ЫБММ иһитиннэрэр.

“Сиҥнибит шахтаны хомуйуу түмүгэр биир шахтер өлүгүн тобохторо көһүннэ. Салгыы шахтаны ыраастыыр үлэ барар. Комбайн аҥара хаһылынна”, — диэн ЫБММ пресс-сулууспатыгар эттилэр.

Саахал содулун туоратыыга 69 киһи уонна 4 тиэхиньикэ үлэлиир. Өлбүт шахтер аймахтарын кытары психолог үлэлиир.

Былаҕайга былдьаппыт шахтер комбайн машиниһынан үлэлээбит, кини 51 саастаах, Нерюнгри төрүт олохтооҕо. Кэргэнэ огдообо уонна икки оҕото тулаайах хааллылар. Билигин өлбүттээхтэргэ көмөнү оҥорор туһунан сорук турар.

Борокуратуура быһылааны бэрэбиэркэлээн саҕалаата.

Бүтэһик сонуннар