Киир

Киир

Ил Түмэн урукку дьокутааттарыгар – Александр Уаровка уонна Дмитрий Саввиҥҥа сымыйанан атын киһи баайын дуолун иҥэриигэ уонна бэриги ылыыга тэриллибит холуобунай дьыала силиэстийэлэнэн түмүктэннэ. Бу туһунан Силиэстийэлиир кэмитиэт Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрэр.

“Уорбаланааччылар, сулуспалаах боломуочуйаларын аһара туһанан, акционернай уопсастыба генеральнай дириэктэриттэн уопсайа 900 тыһ. солк. бэриги ылбыттар. Бу бэрик сүөһүнү ускуустубаннайдык сиэмэлээһиҥҥэ эбии бүддьүөтү көрүүгэ сокуоҥҥа уларытыыны киллэриигэ көмөлөһүөхпүт диэн сылтаҕынан ылыллыбыт”, — диэн Силиэстийэлиир кэмитиэт иһитиннэрэр.

Маны таһынан, урукку норуот дьокутаата Александр Уаров икки сыл устата төрөөбүт Сунтаарын улууһугар 20-чэ төгүл командировкаҕа тиэстээри бүддьүөт харчытын айбардаабытыгар уорбаланар.

“Уаров Сунтаар улууһугар командировкаҕа барарыгар гостиницаҕа олорорун иһин бухгалтерияттан аванса ылан баран отой да аймахтарыгар хоноһолообут уонна сымыйа кибитээнсийэлэри аҕалан отчуоттаабыт. Инньэ гынан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 159 тыһ. солк. хоромньу оҥоһуллубут”, — диэн иһитиннэрдилэр.

Уорбаланааччылар буруйдарын билиммэтэхтэр. Холуобунай дьыала салгыы суут көрүүтүгэр барда.

Санатар буоллахха, быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ хоруупсуйаҕа сыһыаннаах 100-тэн тахса дьыала силиэстийэлэммит, олортон 55% сулууспалаах балаһыанньаны аһара туһанан уорууну уонна 36% - бэриги ылыыны кытары сибээстээх.

Санааҕын суруй