“Мин буруйум суох, бириигэбэри кытары сөпсөспөппүн, салгыы ааһыныаҕым”, - диэн урукку Ньурба улууһун баһылыга Борис Попов эттэ. Бүгүн, тохсунньу 14 күнүгэр, Дьокуускай куораттааҕы суут Борис Попову 2,5 сыл кэтээн көрөр болдьохтоох, 4 сыл усулуобунай болдьоххо бириигэбэрдээтэ.
Попову Күндээдэҕэ оскуоланы тутууга уонна Ньурбаҕа стадиону тутууга дуоһунастаах боломуочуйатын аһара түспүтүгэр уорбалаан сууттаабыттара. Стадиоҥҥа күтүрээбит уорбалаһыннарын дакаастабылын суут ылыммата. Оттон оскуоланы тутууга сыһыаннаах буруйун суут толору билиннэ. Поповка бириигбэри таһаарарга кини үчүгэй өттүнэн характеристикаланара уонна сааһа, үтүөтэ-өҥөтө учуоттанна.
Суут Борис Попов бэдэрээччиккэ авансаны биэриэ суохтаах этэ диэн быһаарда. Онно кини дуоһунаһын аһара түспүтэ булулунна. Попов буруйун бу да иннинэ билиммэтэҕэ. Кини “суол хаайаарын учуоттаан, тутуу матырыйаалын түргэнник тиэйтэрээри авансаны ыыттарбытым” диэн эппитэ.