Мохсоҕоллоох холуонньатыгар хаайыылаах баһыылкатыгар бакыаттаах чэйгэ кистэммит нароктигы буллулар. Бу туһунан УФСИН Саха сиринээҕи Управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
“6 №-дээх холуонньаҕа дьахтар эр киһиэхэ ыыппыт баһыылкатын бэрибиэркэлээһин түмүгүнэн, бакыаттаах чэйгэ маҥан өҥнөөх пластинкалары буллулар”, – диэн иһитиннэриигэр суруллар.
Экспертиза түмүгүнэн бу эттик спайс буолара билиннэ. Ыйааһына — 1,398 гр. Холуобунай дьыала тэрилиннэ.