Дьокуускайга туристическай фирма дириэктэрэ 1 мөл солк суумалаах аҕыс сымыйа путевканы атыылаабыт.
Таилаҥҥа, Саньяҕа (КНР), Доминикана өрөспүүбүлүкэтигэр уонна Вьетнамҥа сымыйа путёвкалары ааспыт сыл от ыйын 11 – ахсынньы 29 күннэригэр аҕыс киһиэхэ атыылаабыт. Хоромньу уопсай суумата 1 мөл солк тахса буолбут.
Масыанньык дьахтар дьоҥҥо чахчы курдук сымыйа квитанциялары, ваучердары биэрбит уонна страховкалаабыт. Ол туһунан албыннаппыт дьон Дьокуускай, Москуба аэропортарыгар көтөөрү туран билбиттэр.
Дьыала суукка барда.