Киир

Киир

“Ethiopian Airlines” авиахампаанньа Boeing 737  сөмөлүөтэ Кенияҕа көтөн иһэн суулунна.

Сөмөлүөккэ 149 пассажир уонна аҕыс экипаж чилиэннэрэ баара биллэр. Бу туһунан авиахампаанньа бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрэр. Сөмөлүөт аэропортан олохтоох бириэмэнэн 08:38 ч көппүт уонна 08:44 ч кинилэри кытта сибээс быстыбыт. Көтөр аал Бишофту куорат аттыгар сууллубут.

Билигин сөмөлүөт сууллубут сиригэр көрдүүр-быыһыыр үлэ ыытыллар. Эфиопия премьер-миниистирэ Абий Ахмед Али социальнай ситим нөҥүө сүтүктээхтэргэ кутурҕанын биллэрбит.

Санааҕын суруй