Саха сиригэр Интернет ситим, төлөпүөн нөҥүө түөкүннээһин ахсаана эмиэ элбээбит. Былырыын 3 ый иһигэр 150 маннык буруй тахсыбыт буоллаҕына, быйыл сыл саҕаланыаҕыттан номнуо 207 түгэн бэлиэтэммит.
Сыллата 500-600 кэриҥэ маннык хабааннаах буруйу оҥоруу тахсар. Ис дьыала министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, дьон төһө да албыннаттар, үксүгэр быраабы араҥаччылыыр уорганнарга сайабылыанньа суруйбат.
Маннык буруй ордук бырамыысалыннас таах улуустрга, элбэх нэһилиэнньэлээх улуустарга тахсыталыыр. Чуолаан, ааспыт өрөбүллэргэ Нерюнгри оройуонугар баантан эрийбитэ буолан, биир саастаах дьахтар тус каартатыттан харчытын бүтүннүү устан ылбыттар.