Массыанньыктар биэнсийэлээх дьону төлөпүөнүнэн албынныыр түгэннэрэ тахса турар. Ол курдук, Дьокуускайга 81 саастаах ытык кырдьаҕас 700 тыһ солк уордарбытын туһунан полицияҕа тыллаабыт. Бу туһунан СИА-ҕа ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Эмсэҕэлээбит киһи быһаарбытынан киниэхэ хас да күн баантан эрийэ сылдьыбыттар уонна харчытын сыаналаах көмүскэ уларытан, ол көмүс сыаната үрдээтэҕинэ өссө элбэх харчыны оҥоруохха сөбүн туһунан эппиттэр. Кини бастаан аккаастаммыт онтон баан сымыйа үлэһитэ харчытын уурарыгар итэҕэппит.
Эрийбит киһи эппитинэн көмпүүтэригэр бырагыраамма туруорбут. Массыанньык ол бырагыраамма көмөтүнэн эмсэҕэлээбит киһи счетун билбит уонна араас суумалаах көһөрүү оҥорон 700 тыһ солк уорбут.