Дьокуускай куорат саҥа дьаһалтата куорат сирин сокуоннайа суохтук иҥэриммит “мафияны” кытары охсуһарын биллэрбитэ.
Ол түмүгэр, куорат биир олохтооҕор сымыйаннан сири иҥэриниигэ уорбаламмыт. Кини бэйэтин баҕатынан куорат хааһынатыгар 900 тыһ. солк. биэрэр баҕалааҕын биллэрбит.
Бэҕэһээ “сири махинациялааһыҥҥа” бастакы холуобунай дьыала силиэстийэлэнэн бүттэ. Ч.-в диэн гражданиҥҥа ХК 154 ыст. 4 ч. дьыала тэриллибит. Бу киһи куоракка 889 тыһ. солк. хоромньуну таһаарбыт. Ч-в. бу харчыны баҕа өттүнэн төннөрөрүн туһунан эппит.
Бу дьыаланы ФСБ Саха сиринээҕи управлениета силиэстийэлиир.
Санатар буоллахха, куорат хотуна Сардаана Авксеньтева сир учаастагын түҥэтиигэ туох да хара баһаам кэһии баарын биллэрбитэ уонна ону кытары күүскэ охсуһар сыалы туруорбута. Түөкүттэр инньэ 90-с сылларга бэчээттиир массыыҥкаҕа охсуллубут куорат архыыбыгар харалла сыппыт уураахтары таһаара таһаара, куорат аныгы салайааччыларын ааттарыттан ол уураахтары сымыйаннан дьиҥнээҕинэн ааҕар туһунан оҥоро оҥоро сири бэйэлэрин анныларыгар суруммуттарын туһунан билилбитэ. “Сир мафияларын” кытары охсуһуу салгыы барар. Бу туһунан куорат дьаһалтаын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.