Киир

Киир

S7 авиа-хампаанньа Boeing-737 сөмөлүөтүнэн Новосибирскайтан Дьокуускайга көтөн испит 53 саастаах дьахтар доруобуйатын туруга мөлтөөн, көтөр аал хамнадыыра Иркутскай уобалас Братск куоратын аэропордугар түһэргэ быһаарыммыт. Бу туһунан “Якутия 24” телеханаал иһитиннэрэр.

Хомойуох иһин, дьахтар сөмөлүөт түһүөр диэри өлбүт. “Flightradar 24” онлайн-сервис көрдөрүүтүнэн, сөмөлүөт Братск куорат аэропордугар от ыйын 7 күнүгэр 3.35 ч түспүт, олохтоох бириэмэнэн 4.35 ч.

Санааҕын суруй