Усуйаана улууһун олохтооҕо харчы уорууга уорбаланар. Бу туһунан СӨ прокуратуратын пресс-сулууспати иһитиннэрэр.
Уорбаланааччы почта салаатыгар үлэлээбит. Өр кэм устата харчы уоруутунан дьарыктаммыт. Хоромньу уопсай суумата 800 тахса тыһ солк тэҥнэспит.
Харчы уоруллубутун туһунан ревизия кэмигэр биллибит. Холуобунай дьыала суукка барбыт.