Киир

Киир

СӨ Үрдүкү суутугар Людмила Битяй дьыалатынан апеляционнай быһаарыыны иһитиннэрдилэр. Кини улахан суумаҕа массыанньыктааһын сэттэ түбэлтэтинэн эрдэ  алта сылга усулуобунай болдьоххо бириигэбэрдэммитэ. Бу дьиҥнээх болдьоххо уларыйда.

Санатар буоллахха, ИДьМ биэнсийэлээҕэ Людмила Битяй уонна тутааччы Сергей Дробот, дьиэ уонна гараас тутан биэриэхпит диэн 46 киһини албыннаабыттар. Сергей Дробот 10 сылга көҥүлэ быһыллыбыт. Людмила дьонтон киирэр харчыны хонтуруоллааһынынан дьарыктаммыт. Киниэхэ дьон уу харчынан уонна массыыналарынан эҥин төлөспүттэр. Людмила Битяйы саала иһиттэн уопсай эрэһиимнээх холуонньаҕа утаардылар.

ysia.ru

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар