Ааспыт сыл түмүгүнэн 800 тыһ кэриҥэ киһи Арассыыйа миграционнай сокуонун кэспитэ билиннэ. Бу туһунан РФ ИДьМ миграция боппуруостарыгар сүрүн управлениетын салайааччы Валентина Казакова “Известия” хаһыакка иһитиннэрбит.
“Биһиги ааспыт сылга быһа холоон 420 тыһ тэрээһини ыыппыппыт. Ол түмүгүнэн 800 тыһ кэриҥэ сокуону кэһии бэлиэтэннэ. Ордук Арассыыйа сиригэр киирии-тахсыы быраабылаларын уонна 90 күннээх болдьоҕу кэһэллэр. Үлэ эйгэтигэр эмиэ кэһиилэр бааллар. Ол аата тустаах докумуоннара суох үлэҕэ киирэллэр. Эбэтэр үлэ биэрээччи атын дойду киһитэ киниэхэ үлэлиирин туһунан биллэрбэтэ буолар”, — диэн Валентина Казакова кэпсиир.
ИДьМ көрдөрүүтүнэн Арассыыйаҕа сыл аайы 16,5-17 мөл киһи кэлэр. Үгүстэрэ СНГ дойдуларын олохтоохторо буолаллар. Ону таһынан, ааспыт сылга 300 тыһ кэриҥэ Украина олохтооҕо Арассыыйа гражданствотын ылбыт. Олортон 227 тыһ — ДНР уонна ЛНР дьоно. Оттон Казахстан, Таджикистан, Молдова, Узбекистан, Армения 51 тыһ олохтооҕо Арассыыйа пааспарын ылбыт.