Киир

Киир

Кулун тутар 17-25 күннэригэр Амма нэһилиэгэр, 3-6 уонна 7-14 диэри саастаах оҕолор ортолоругар дьаҥ туран, оскуолаларга уонна уһуйааннарга быстах харантыын биллэриллибит. Бу туһунан “Якутия 24” ханаал улуус дьаһалтатын пресс-сулууспатыгар сигэнэн иһитиннэрэр.

Санитарнай-эпидемиологическай хамыыһыйа быһаарбытынан, Амма нэһилиэгин орто оскуолаларыгар 1-8 уонна 10 кылаастарга, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр, “Радуга”, “Хатыҥчаана” уһуйааннарга харантыын биллэрилиннэ”, – диэн иһитиннэриигэ суруллар.

Ону таһынан, нэһилиэккэ харантыын кэмигэр оҕолорго аналлаах култуурунай, спортивнай о.д.а. тэрээһиннэр уонна оҕолор улуус таһыгар тахсаллара, дьон мустар сиригэр сылдьаллара  бобуллубут.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар