Кэнники кэмҥэ “Тайгапост.ру” саайтка олоҕо суох, кырдьыкка тирэҕирбэтэх иһитиннэриилэр тахсар буоллулар. Бу ыстатыйалар “сакаастанан” тахсалларын элбэхтик көрөбүт. Эрдэ тахсыбыт хардарыыбытыгар эбии иһитиннэриэхпитин баҕарабыт.
Ол курдук “Тайгапост.ру” саайтка тахсыбыт чахчыта биллибэт иһитиннэриинэн, быраабы харыстыыр уорганнар РФ холуобунай кодексынан 160 (итэҕэйэн туттарыллыбыт баайы иҥэринии эбэтэр ороскуоттааһын) уонна 159 (массыанньыктааһын) ыстатыйаларынан бэрэбиэркэ ыыттылар.
2020 сыл олунньу 28 күнүгэр буруйу оҥоруу састааба суоҕунан сибээстээн холуобунай дьыаланы тэрийиигэ аккаастыыр туһунан уураах тахсыбыта. Инньэ гынан, “Афера века, или как у Якутии нефтегазовое место украли” ыстатыйаҕа чахчыта суох, сымыйа уонна манна ыйыллыбыт физическэй уонна юридическэй сирэйдэри холуннарарга туһуламмыт сибидиэнньэлэр аҕалыллыбыттара бигэргэммитэ.
Бэлиэтиир буоллахха, билигин быраабы харыстыыр уорганнар ыйыллыбыт ыстатыйаҕа сымыйа иһитиннэриини тарҕаппыт ааптардары баһааҕырдыы чахчынан бэрэбиэркэлээһини ыыталлар.
“Сахатранснефтегаз” хампаанньа пресс-сулууспата