Киир

Киир

Олунньу 19 күнүгэр Арассыыйа Силиэстийэлиир кэмитиэтин Бүлүүтээҕи салаата Өкүндү интэринээт оскуолатын кадетскай кылаастарын иитээччитэ, үлэ уруогун учуутала Николай Сивцеви “сокуоннай сааһын туола илик оҕолорго сексуальнай дьайыылары оҥордо” диэн уорбалаан хаайбыттара. Бу – олус ыар ыстатыйа, ХК 132 ыст. 4 ч. “б” п. буруйа дакаастаннаҕына, 12 сылтан 20 сылга диэри хаайыллыан сөп.

Учууталы тутан хаайбыттарын кэннэ, олохтоохтор кинини көмүскүүргэ күүскэ туруннулар. Ол иһин, бу дьыала иһин билээри, анаан-минээн Бүлүүгэ тиийэ сырыттым.

Өкүндү – Бүлүү куоратыттан 30-ча км тэйиччи турар, аспаал суолунан начаас тигинэтэн тиийэҕин. 300-чэ нэһи­лиэнньэлээх быыкаа нэһилиэк, этэргэ дылы, ким тугу тыынарын барытын истэ-билэ олороллор. Былыр-былыргыттан үтүө, үлэһит дьоннооҕунан аатырбыт нэһилиэк. Дэлэҕэ, 9 кылаастаах оскуолалара Социалистическай Үлэ Дьоруойа В.П. Трофимова аатын сүгүө дуо? Оскуолаҕа 2008 сылтан ыла уолаттарга кадетскай кылаастары арыйан, урукку оскуола дьиэтин интэринээт гына оҥорон, өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан кэлбит кадеттары иитэн таһаара олорор. Оҕолор, оскуола ситиһиитэ диэн туох да хара баһаам. Атын нэһилиэктэртэн, улуустартан кэлэн үөрэммит выпускниктар үөрэммит оскуолаларыгар, нэһилиэктэригэр хайаан да кэлэн, ыалдьыттаан, сэргэхсийэн ааһар үтүө үгэстээхтэр эбит.

Туохтан саҕаламмытай?

Нус-хас, чуумпу олохтоох дьоҕус нэһилиэккэ, ыраас халлааҥҥа эмискэ этиҥ эппитинии, олунньу 19 күнүгэр улахан айдаан тахсар. Интэринээккэ күнүһүн (сарсыарда 7 чаастан киэһэ 21 ч. диэри) баспытааталлыыр Николай Сивцеви полициялар кэлэн тутан бараллар. Икки уол “баспытааталбыт биһигини туппахтыыр” диэн үҥсүбүт сылтахтарынан. Ити күн 7-с кылааска үөрэнэр, интэринээккэ олорор икки уол, уруок бириэмэтигэр Бүлүү куоратыгар күрээн, эргиэн дьиэтин аттыттан массыына күрэппиттэр уонна Өкүндү аттыгар ол массыыналара умуллан, бырахпыттар уонна төттөрү Бүлүүгэ киирэн кафеҕа олордохторуна, баспытаатал көмөлөһөөччүтэ көрсүбүт. Оҕолор киниэхэ «баҕарбаппыт үрдүнэн дьоммут интэринээккэ илдьэн туттара туралларын бырачыастаан күрээбиппит» диэн кэпсээбиттэр. Саастарын ситэ илик оҕолор хамыыһыйаларыгар (ПДН) дьүүллэнэ туран, “тоҕо күрээтигит, массыынаны күрэт­тигит?” диэн ыйыппыттарыгар биирдэстэрэ кэпсии туран эмискэ “интэринээккэ барыахпытын баҕарбаппыт, тоҕо диэтэххэ, баспытаатал туппахтаабыта” диэн кэпсээбит. Онуоха ПДНнар тута силиэдэбэтэллэргэ биллэрбиттэр. Кинилэр ити күн Сивцеви тутан бараллар. Бу икки уолтан биирдэстэрэ бу кыһын Бүлүүгэ сылдьан эмиэ мас­сыынаны күрэтиигэ дьыалалана сылдьыбыт, КДНҥа учуокка турар оҕо эбит.

Хамсыктан сылтаан, оҕолор интэринээккэ инньэ Саҥа дьылтан саҕалаан түөрт истиэнэҕэ хааллан олорбуттар. Кэлии-барыы көҥүллэммэт, уруок ба­рыта дистанционнайынан ыытыл­лар. Онон тууйуллуу бөҕө буол­буттар. Саатар, олунньу 23 күнү­нээҕи бырааһынньыктааҕы өрөбүллэргэ дьиэлэригэр тарҕа­һаары кынаттарын куурдуна сылдьыбыт оҕолорго, үөһэттэн бирикээс кэлэн, “ханна да бар­баккыт-кэлбэккит, интэринээккэ олороҕут” диэн буолбут. Дьиэлээх, дьонноох дьон быһыытынан, оҕолор, биллэн турар, ону сөбүлүү истибэтэхтэр. Олунньу 19 күнүгэр 7-с кы­лаас­тарга бастакы уруогунан нуучча тылын уруога буолуохтаах эбит да, учуутал кыайан кэлбэтэх буолан, эрдэттэн саха тылын уруогун көһөртөрөн биэрбит. Инньэ гынан саха тылын учуутала икки кылааһынан сылдьан уруогун ыыппыт. Учуутала суох олорон, сорудах ылан баран, кылааска бэйэлэрэ хаалбыт оҕолор ити кэмҥэ испиискэнэн оонньообуттар, түннүк сабыытын уматан, баһаарынай си­гна­лизацияҕа буруо таһааран үлэлэтэ сатаабыттар. Ону баахта үлэһитэ, сытырҕаан билэн, саабыска тыллаабыт. Саабыс, биллэн турар, оҕолору кытары кэпсэппит, өйдөтүү үлэтин ыыппыт. Ол эрээри уруоктар бүтэ иликтэринэ ити икки уол, ыйытыга суох интэринээттэн тахсан, куоракка киирбиттэр, массыына күрэппиттэр... Симиэнэтин туттараары олорор Сивцеви ити күн тутан илдьэ бараллар.

“Бастакы уруокка оҕолор тоҕо бэйэлэрэ олордулар?” диэххит. Нуучча тылын уруогун оскуола дириэктэрэ Надежда Кривошапкина биэрэр эбит. Кини 3 сыллааҕыта Өкүндүгэ Бүлүүттэн ананан кэлбит. Тоҕо эрэ наар куораттан уунан үлэлээбит. Сорох кэллиэгэлэрэ “биһиги кинини аҕыйахта көрөбүт, наар куоракка үлэлиир” дииллэр. Мин тиийэрбэр Надежда Ивановна бүлүтүөҥҥэ барбыт этэ, онон кыайан сирэй көрсүбэтэхпит. Ол иһин төлөпүөннүү сырыттым. Кини: “Сорохтор миигин бастакы уруогун ыыта кэлбэтэх эҥин дииллэр, мин ити күн Бүлүүгэ Энергосбыкка сылдьар наадалаах буоламмын, төрдүс уруогунан көһөртөрбүтүм уонна учууталы көрдөһөн атастаһыннарбытым. Дириэктэр сүүрэр-көтөр сирэ элбэх буоллаҕа дии”, – диир.

“Оҕолор баһааҕырдаллар”

Николай Сивцеви учуутал, киһи быһыытынан дьон барыта хайгыыр, маннык ыар ыста­ты­йаҕа уорбаланан хаайыл­лыбы­тыттан бары улаханнык соһуйан, саҥата суох барбыттар. Ким да итэҕэйбэт. “Эс, кини хайдах да маннык дьыалаҕа сыһыана суох” диэн, бары биир киһи курдук этэллэр. “Оҕо араас буолар. Ону бары өйдүүбүт. Үйэбит тухары педагогтаабыт, араас оҕону кытары алтыспыт дьон буоллахпыт. Кырдьык, биһиэхэ араас майгылаах, көрүүлээх оҕолор кэлэн үөрэнээччилэр. Этэргэ дылы, ыарахан, КДН учуотугар эҥин хаста да турбут оҕолор кэлэн үөрэммиттэрэ. КДН-ҥа учуоттаах оҕолорбут начаас учуоттарыттан уһуллааччылар, олох тосту уларыйааччылар. Биһиги оскуолабыт истиҥ эйгэтигэр бүдүрүйбүт да түргэнник көнөр. Выпускниктарбыт да ону куруук бэлиэтииллэр. Аны туран, кэллиэгэбитин кытары күн аайы алтыһар, кини дьиэ кэргэнин, дьонун-сэргэтин, оҕолорго сыһыанын, оҕо иитиитигэр уопутун толору билэр буоламмыт, оҕолор сымыйанан үҥсүбүттэр диэн толору эрэллээхпит” дэһэллэр. Үҥсүбүт икки уол толору дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибэттэр. Биирдэстэрэ – аҥаардас ийэ, иккиһэ – эбэлээх эһэҕэ иитиллэр оҕо. Үөрэх өттүгэр син кыһаллар, иккиэн Севастопольга кадеттар күрэхтэригэр кыттан миэстэлэспит оҕолор эбит. “Бу абааһы хамсыга хааччахтаан, оҕолорго дьайда быһыылаах. Атын эбитэ буоллар, Питергэ күрэххэ бараары сылдьар буолуохтаах этилэр. Ону истэригэр сэмээр кэтэһэллэр этэ. Аны туран, интэринээккэ изоляцияҕа олорбут буолан, үлтү тууйуллан хаалбыттара” дииллэр. “Биһиги Николай Сивцев чахчы буруйдааҕын эбэтэр онно уорбалыыр төрүөт баара эбитэ буоллар, оҕолор өттүлэригэр буолуо этибит, оттон бу дьыаланы ырыҥалаан, толкуйдаан баран, оҕолор баһааҕырдан, холуннаран эттилэр диэн түмүккэ кэлэн олоробут. Николай Сивцев – икки оҕо амарах аҕата, табах тарпат, арыгы диэни олох амсайбат, үлэни, дьиэ кэргэни өрө туппут, олус аһыныгас, сытыары-сымнаҕас майгылаах, кыыһыра да сылдьыбат үтүө киһи. Сүүрбэттэн тахса сыл оҕо­ну иитиигэ олоҕун анаата, оҕо бары сөбүлүүр, аҕаларын курдук ылынар, киниттэн элбэххэ үөрэнэр киһилэрэ”. Биллэн турар, улаатан эрэр оҕолор өйгө оҥорон көрүүлэрэ да атын буолар. Николай Сивцев кэллиэгэтэ: “Бу маннык быһыы кэннэ киһи оскуолаҕа үлэлиэн да баҕарбат үлүгэрэ буолла, хаһан баҕарар, кими баҕарар тыллаан, хаайтаран кэбиһиэхтэрин сөп эбит. Биир бэйэм салгыы үлэлиир баҕам да уостан барда”, – диир. Эр киһи оскуолаҕа тарбахха баттанар кэмигэр манныгы истэр бэрдэ суох. Таарыйа биир эмиэ Бүлүү улууһугар буолбут быһылаан өйбөр көтөн кэллэ: аҕыйах сыллааҕыта эмиэ үйэтин тухары учууталлаабыт киһини оскуола оҕото “кырбаата” диэн үҥсүбүтэ. Бэрэбиэркэ ону кэлин дакаастаабатаҕа. Учуутал хара маҥнайгыттан ууратыллыбыт курдук буолбута, доруобуйата айгыраан уһаабатаҕа. Оттон кинини үҥсүбүт оҕо кэлин бэйэтигэр тиийинээхтээбитэ. Дьиҥэ, маннык сымыйа үҥсүүлэр суох буолбатахтар, Ньурба улууһугар биир учуутал эмиэ үөрэнээччитин имэрийиигэ уорбаланан, ол күн бэйэтигэр тиийиммитэ...

“Оҕолорбутун  сордоотулар”

Ити оскуолаҕа үөрэнэр оҕолордоох төрөппүттэр санааларын эмиэ иһиттим. Николай Сивцев тутуллубутун кэннэ, Бүлүүттэн учаскыабай, ПДН үлэһиттэрэ тахсан түүн 1 ч. 30 м. диэри интэринээккэ доппуруостаабыттар. Кинилэри кытары Бүлүүтээҕи реабилитациялыыр киин психолога уонна Өкүндү психолога бааллар эбит. Оҕолору икки кэбиниэтинэн олордон араас эриэхэбэй боппуруостары (“Сивцев массажтатар этэ дуо? Кини оруосабай таҥаһы кэтээччи дуо?”) биэрэн сордообуттар. Биир оҕо ити түүн сарсыарда 4 ч. диэри кыайан утуйбатах. Утуктаан нэһиилэ олорор оҕолорго араастаан үтэн-анньан ыйытыы бөҕө биэрбиттэр, доппуруостарын бэйэлэрэ суруйан баран, аахтарбакка эрэ илии баттатан баран ыыталаабыттар. Сарсыныгар төрөппүттэр ону истэн баран, “биһиги баарбытыгар биирдэ доппуруостуохтааххыт” диэн утарбыттар. Силиэдэбэтэллэр тоҕо эрэ кэлбэтэхтэр. Интэринээккэ 22 ч. утуйаллар. Аны туран, хамсык хааччаҕынан туора киһи киириэ суохтаах. Тоҕо эрэ быраабы араҥаччылыыр уорган үлэһиттэригэр ити быраабыла, оҕо уйулҕатыгар охсуу учуоттамматах. Төрөппүттэр ону үҥсэн борокуратуураҕа бара сылдьыбыттар да, суругу эрэ туппуттар. Биир интэриэһинэйэ баар, бу быһылаан кэннэ, эмсэ­ҕэлээччинэн ааттаммыт оҕо салгыы бу оскуолаҕа үөрэнэр баҕалааҕын биллэрбит. Онуоха учууталлар “хайдах ити үлүгэр кэннэ төннө сатыырый?” диэн, төбөлөрүн сынньыбыттар. Оҕо, биллэн турар, баҕарбыт оскуолатыгар үөрэниэхтээх. Ону ким да утарбат. Арай “интэринээт быраабылатын кэһэн күрээбитэ, онон ылбаппыт” диэн сылтахтаан аккаастаабыттар.

“Кэргэним буруйа суоҕун курдаттыы билэбин”

Николай Сивцев – педагогическай династия чилиэнэ, төрөппүттэрэ үтүөлээх учууталлар, улуус бочуоттаах олохтоохторо, өрөспүүбүлүкэ Бочуотун кинигэтигэр киирбит ыал. Николай Сивцев – ыал соҕотох уола, саастаах төрөппүттэрин, бииргэ төрөөбүттэрин, икки оҕотун суос-соҕотох дурдалара-хаххалара. Сахалыы көрүүлээх, төрүт үгэстэри эндэппэккэ билэр, булчут, балыксыт, успуорт диэн баран муннукка ытаабыт киһи. Кэргэнэ Күннэй Сивцева уһуйаан сэбиэдиссэйинэн, оҕону иитиигэ үйэтин тухары үлэлээбит педагог. Сивцевтэр икки оҕолоохтор, кыыстара – устудьуон, уоллара – үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ. Биир аймах 9 уолларын бэйэлэригэр олордон үөрэттэрбиттэр, билигин бэйэтэ туспа ыал аҕата, кинилэргэ төрөппүт уолларын курдук, онон 3 сиэннээх нус-хас саха ыала. Кэргэнэ “25 сыл бииргэ олорбут кэргэммин бэйэбин курдук билэбин. Өскөтүн туохха эмэ күтүрүүрүм эбитэ буоллар, бэйэбинэн тиийэн тыллаан хаайтарыам этэ. Биһиги аҕабыт курдук көнө, аһыныгас киһини билбэппин. Оҕолор сытыары-сымнаҕас майгытын туһанан, итинник хара балыырга бырахтылар” диэн өрө тыынаахтыыр. Ити туһунан Николай Сивцев СИЗОттан суругар эмиэ этэр: “Мин суобаһым олох ыраас! Оҕолорго наһаа үтүөтүк сыһыаннаһан, олоҕум аҥаарын биэрбитим түмүгэ бу буолла!... Саамай сымнаҕас баспытааталларын, атаахтатар, барытын көҥүллүүр киһилэрин тоҕо итинник гыналлара буолла? Өссө биирдэ этэбин, мин туох да буруйу оҥорботоҕум!” Аны туран, дьиэҕэ бэйэлэрэ эрэ олорор оҕолорго, ийэлэрэ суоҕуна силиэдэбэтэллэр кэлэн доппуруостаабыттар. Сивцевтэр уоллара доруобуйатынан мөлтөх буолан, дьиэтигэр олорон үөрэнэр. Онон төрөппүт суоҕар ыалдьар оҕону доппуруостаан барар, киниэхэ өссө эбии ыар таһаҕаһы сүктэрэр төһө сөбүй?

Аны туран, силиэдэбэтэллэр бу 3 ый устата биир да кэллиэгэтин, оскуола, интэринээт бэрэстэбиитэлин ыҥыран доппуруостаабатахтар. Барыта аҥаардас оҕолор көрдөрүүлэринэн эрэ муҥурданан дьыала тэриллибит. Силиэдэбэтэллэр, «Сивцев биир оҕону туппахтаабыт» диэн уорбалыыр кэмнэригэр уорбаланааччы отой да хабылык күрэҕин ыыта сылдьыбыт. Ити күрэххэ ол оҕо үөрэ-көтө хабылыктыы сылдьар видеота, хаартыската баар. Уопсайынан, ити уорбаланар эпизодтарга Сивцев ханна, кимниин тугу гыммытын барытын учууталлар ууран биэрэргэ бэлэмнэр. Аны туран, интэринээттэрэ диэн быыкаа, хайдах да күрүлүүр күнүс илэ өйдөөх киһи “дьаабыланар усулуобуйата” суох.

* * *

Өкүндү дьаһалтатыгар сырыттым. Нэһилиэк баһы­лы­га “олохтоохтор ким да итэҕэй­бэт, убаастыыр киһибитин көмүскэһэргэ бары бэлэммит” диэбитэ да элбэҕи этэр. Улуустааҕы үөрэх управлениетын идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Савва Семенов “улуус педагогтара кэллиэгэбитин олус бэркэ билэр буолан, кини туох да буруйа суоҕар толору эрэллээх буоламмыт көмүскүүргэ бэлэммит, наада буоллаҕына миитинниэхпит даҕаны” диир. Николай Сивцеви көмүскээн, инстаграмҥа @kyrdyk4 диэн анал сирэйи арыйбыттар.

Туох да диэбит иһин, ыар буруйга уорбаланар учуутал кырдьыгын булуо, онуоха силиэстийэ сиэрдээхтик барыа диэн эрэнэбит. Бу дьыаланы “Кыым” кыраҕытык кэтээн көрөр.

 

Дмитрий ИВАНОВ.