Дьокуускай куорат 202 микрооройуонугар итирик туруктаах суоппар дьахтар биэс массыынаны үнтү көттө.
Быһылаан бэс ыйын 11 күнүгэр, түүн 23 чаас саҕана буолла. Суол саахалын кэнниттэн туох буолбутун ааһан иһэр дьон видеоҕа уһуллулар. Каадырдарга Toyota Allion ыытан испит, аварияҕа сабаҕаланар буруйдаах дьахтар. Туоһулар кэпсииллэринэн, кини быһылаан буолбут сирин хаалларан куота сатаабыт.
«Итирик туруктаах дьахтар кыттыһыылаах, суол саахалын туһунан иһитиннэрии киирдэ. Кини дьайыытыттан кыччаабыта биэс массыына алдьанна. Эрдэттэн быһаарыллыбыт дааннайынан, хас да массыына олбуор иһигэр хонукка турбуттар, биир массыына саҥардыы хоҥнон испит », - диэн иһитиннэрдилэр ГИБДД Саха Сиринээҕи салалтатыттан.
Эмсэҕэлээбиттэр тустарынан иһитиннэрии чопчуланар. Эрдэ иһитиннэрбиттэринэн, быһылаан кыттыылаахтарыттан ким эрэ суһал көмөнү ыҥырбыт.