Киир

Киир

Өрөспүүбүлүкэтээҕи ИДЬМ пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, биир эр киһи суоппар быраабын ылыан уонна былдьатан баран төннөрүөн баҕалаахтарга, барытын оҥорон биэриэм диэн сымыйа биллэрии таһаарбыт.

Иһитиннэриигэ этиллэринэн: «Уорбаланааччы суруйсуу кэмигэр электроннай көрүҥүнэн, бадаҕа бэлэм оҥоһуллубут докумуоннар макеттарын ыытар эбит, номнуо бэлэм илии баттааһыннаах, хаартыскалардаах, сорох түбэлтэлэргэ бэйэтин отой да Гоавтоинспекция үлэһитинэн билиһиннэрэр эбит».

Инньэ гынан түөкүн, мөлүйүөн аҥаара сууммаҕа, Саха сирин араас оройуоннарыттан сылдьар 13 итэҕэйимтиэ дьону албыннаабыт.

Сатабыллаах уоруйах Иркутскай уобаласка олороро быһаарыллыбыт, кинини, өрөспүүбүлүкэтээҕи ИДЬМ «К» салаатын эписсиэрдэрэ, бу эрэгийиэҥҥэ сулууспатааҕы командировкаларын кэмигэр тахса сылдьан тараччы туттулар.

«Түөкүннээһин» диэн ыстатыйанан холуобунай дьыала көбүтүлүннэ. Уорбаланааччы хаайылынна.

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар