Киир

Киир

Соторутааҕыта эрэдээксийэҕэ 2020 сыл ахсынньытыгар киһи илиититтэн күн сириттэн күрэммит эдэркээн Афанасий Аммосов кэргэнэ, эдьиийэ уонна таайа кэлэ сырыттылар. Биһиэхэ, үгэс курдук, суут-сокуон эйгэтигэр кырдьыктарын кыайан булбатах, ыксаабыт дьон кэлээччи. Бу да сырыыга эрэллэрин сүтэрбит, соһуччута бэрдиттэн кэлэйэн хаалбыт бокуонньук чугас дьоно “тоҕо манныгый?” диэн чопчу эппиэти булбакка киирэ сырыттылар. Атырдьах ыйын 6 күнүгэр СӨ Үрдүкү суута өлөрүүгэ уорбаламмыт сууттанааччыны саалаттан босхолоон кэбистэ.

Былырыын ахсынньы 13 күнүгэр Дьааҥы улууһун биир кырыы, суола-ииһэ суох, аҕыйах киһилээх Барылас диэн быыкаа сэлиэнньэтигэр, бэйэлээх бэйэтин дьиэтигэр 37 саастаах Афанасий Аммосов быһаҕынан анньыллан өлбүтэ. Холуобунай дьыалаҕа Афанасийы биир дойдулааҕа, 32 саастаах Илья Сотрудников “абааһы көрөн, Аммосовы өлөрөргө сорунан, инбэлиит кэлээскитигэр нэһиилэ олорор киһиэхэ кэнниттэн кэлэн аччаабыта 3-тэн итэҕэһэ суох моонньугар, сэҥийэтигэр уонна үөһээ өттүнэн быһаҕынан аспыт. Ол ылбыт эчэйиилэриттэн Аммосов өлбүт”, - диэн суруллар.

“Оһолтон ордубута, кыыл илиититтэн күрэннэ...”

Дьааҥы Барылаһа – Сар­таҥтан чугас (хоту холугар, 120 км), 100-тэн тахса киһи олорор учаастак. Кыһын манна 50-ҥа тиийбэт киһи кыстыыр. Үлэ эҥин суох буолан уонна алын кылаастаах оскуола эрэ баар буолан (онно 3-5 оҕо үөрэнэр үһү), дьон Барыласка хаала сатаабат. Оҕолор 5-с кылаастаан Сартаҥҥа интэринээккэ олорон үөрэнэргэ күһэллэллэр.

Афанасий Аммосов төрөөбүт дойдутугар ыстаансыйаҕа электригинэн үлэлии сылдьыбыта, икки оҕолоох ыал амарах аҕата этэ. Хоту дойду хоһуун эр киһитин быһыытынан ханнык да үлэттэн чаҕыйан турбат, булугас-талыгас этэ. Бураанынан сылдьан, бултаан-алтаан олорбута. Икки сылааҕыта бураантан сууллан, оһоллонон сүнньүн тоһутан кэбиспитэ. Суола-ииһэ суох нэһилиэккэ санитарнай эриэйсэни ыҥырар уустуктардаах, оттон оһолломмут киһини сиринэн кыайан илдьибэккин. Бастаан утаа Афанасийы Барыластан Баатаҕайга илдьибиттэр, ол кэннэ телемедицина көмөтүнэн куораттан нейрохирурдар көрөн баран, суһаллык Дьокуускайга аҕалтарбыттар да, бириэмэ номнуо быһаарбыт этэ... Афанасий этэ-сиинэ курданарыттан аллараа өттө тугу да билбэт, хам туппут этэ. Биир сыл куоракка эдьиийигэр олорон реабилитацияны ааһа сатаабыт, онтон “дьиэлээх, дойдулаах киһи төннүбүтүм ордук, дойдум атахпар турарбар көмөлөһүө” диэн эрэл кыымнаах төннөөхтөөбүт да, тиһэҕэр, киһи илиититтэн суорума суолламмыт.

Иэһин көрдөөбүт

Төһө да аҥаара эрэ хамсаатар, Афанасий ыһыктынан кэбиспэккэ толору олоҕунан олорбута диэн чугас дьоно кэпсииллэр. Кини “уоллаах-кыыһым туһугар хайаан да атахпар туруом” диэн бигэ санаалааҕа. Кэргэнэ кинини туох сатанарынан өйөөн-убаан илдьэ сылдьыбыт. Ити өлүү түбэлтэлээх күн, кэргэнэ оҕолорун кытары Дьокуускайга көппүттэр. Афанасий аймаҕын кытары хаалбыт.

Туйаара Аммосова, Афанасий бииргэ төрөөбүт эдьиийэ:

– Наһаа да дьоллоохтук олорбуттара. Афанасий кэргэнин, оҕолорун олус күүс­кэ таптыыра. Кини кимниин да кыыһырса, иирсэ сылдьыбат, сытыары-сымна­ҕас майгылааҕа, куруук көмөлөһө сылдьара. Илиитигэр талаан­нааҕа, туппута барыта тупсан, ылсыбыта ыпсан иһэрэ. Илья Сотрудниковы кытары чугастык алтыспат, доҕордоспот этилэр, бииргэ улааппыт эрэ буолан көннөрү билсэллэрэ. Ити хара хааннаах күн Илья киирэ сылдьыбыт этэ, онтон киэһэлик Петя диэн аймаҕын кытары кэлбиттэр. Иэстэрин аахсан барбыттар. Биэс тыһыынча солк. Хаһан эрэ Афансий быраата Ильяттан 5 тыһ. солк. иэстэспит эбит уонна ону «Афанасий төннөрүө» диэбит. Туохха, хаһан, тоҕо ылбыта билигин да чопчу биллибэт. Илья кэлэн иэһин көр­дөө­бүт, кини этэринэн, ол 5 тыһ. 3-н эрэ төннөрбүт үһү. Афанасий тоҕо кинилэрдиин арыгы иһэргэ сөбүлэммитин билбэппин, кини мээнэ испэт, бырааһынньыктарга эрэ көтөхсөр этэ. Этэллэр дии, «босхоҥ буолбуттар кы­һы­йан-абаран арыгынан аһа­рыналлар» диэн. Оттон Афанасий олох оннук буолбатаҕа, кини хаһан да “олоҕум манан бүттэ” эҥин диэн санаабат этэ. Мин санаабар, кини ити күн сымнаҕаһа бэрт буолан, көһүппэтэх ыалдьыттарын кытары өйдөммөтөх быһыыны быһаарсаары иһиспит. Афанасийы кытары олорор аймахпыт чаас аҥаарыгар үлэтигэр хочуолунайга барбыт. Илья номнуо итирик кэлбит эбит. Кини көрдөрүүтүнэн, эдьиийиттэн биир бытыылканы ылан баран аҥаарын соҕотоҕун тэлэбиисэр иннигэр олорон испит, онтон Афанасийга кэлбит. Илья – 32 саастаах, кэргэнэ, оҕото суох, кулуупка хачыгаардыыр этэ. Көрөн турбут суох, ол эрээри дьон этэринэн кистээн арыгы атыылыыра үһү. Биһиги ол иэс ылбыт уолтан “арыгы атыылаһаары ылбытыҥ дуо?” диэн ыйыппыппытыгар, тугу да быһааран биэрбэтэҕэ. Тоҕо кини иэһин Афанасий төлүөхтээҕэ эмиэ салгыҥҥа ыйанан хаалбыта. Холуобунай дьыалаҕа сурулларынан, Илья төлөпүөнүгэр харчы уктаары гыммыт, ол иһин аймаҕа Петяны кытары Афанасийтан ол иэһин көрдүү кэлбит. Илья Афанасийга бааһан туран кэлбитигэр, Петя уоскута сатаабыт, охсон да түһэрбит. Ити кэмҥэ Афанасийга Баата­ҕай­тан табаарыһа эрийбит. Кинилэр күн аайы кэпсэтэллэр этэ. Биир кылааска үөрэм­мит­тэрэ, оттон Афанасий оһол­лом­мутун кэннэ уу тэстибэт до­ҕор­дуулар буолбуттара. Бы­раатым төлөпүөнү кулгааҕар тутарын сөбүлээбэт этэ, ол иһин наар таһыгар иһиллэр гына холбоон кэпсэтэрэ. Ити кэпсэтэ олорон, табаарыһа хаһыыны-ыһыыны, охсуһууну истэр уонна чуолкайдык Афанасий “кэннибиттэн Илья Сотрудников кэлэн хабарҕабын хайа сотто, хааным күүскэ тыгыалыыр” диирин истибит. Эспэртиисэ быһаарбытынан, Афанасий куолаһын силгэлэрэ таарыллыбатахтар, инньэ гынан уонча мүнүүтэ баҕас саҥарыан сөп эбит. Киһи бары, суукка даҕаны, “тоҕо оттон тута суһал көмөнү ыҥырбатахтарай? Тоҕо атын дьону ыҥырдыгыт”дииллэр. Барыласка биир биэлсэрдээхпит, онтубут ити күн бэйэтин да билбэт буолуор дылы итирик сылдьыбыт. Ону киһи бары эрдэттэн билэр. Ол иһин, бэтэринээрдээбит уонна уруккуттан бэйэтэ эмтиэкэлэнэр, укуолу, систиэмэни биэрэри билэр киһини суһаллык ыҥырбыттар.

Быһылаан кэмигэр баар Петр Сотрудников көрдөрүү­түгэр “Афанасийдаах Илья иэстэрин быһаарса олорон этиһэн барбыттара, мин Афанасийы көмүскэһэн уонна уоскутаары Ильяны 2-3-тэ сирэйгэ охсубутум. Ол кэннэ уоскуйан куукунаҕа барбыппыт, ити кэмҥэ Афанасийга эрийбиттэрэ”. Куукунаттан олорон иһиттэхпинэ, Афанасий хаһыытаабыта уонна миигин көмөҕө ыҥырбыта. Мин сүүрэн тиийбиппэр Афанасий кэлээскитигэр буолбакка, муостаҕа охтон сытара уонна моонньун туттубут этэ, аттыгар Илья уҥа илиитигэр быһахтаах турара. Мин тута Ильяттан быһаҕын былдьаары саба түспүтүм, ол сылдьан илиибин быһа соппутум, онтон тиэрэ анньан баран көмө көрдүү ыстаммытым”, - диэбит.

Баатаҕайтан эрийбит та­баарыһа оччолооҕу истэн баран бииргэ үөрэммит уолугар Максимҥа эрийбит уонна «туох буолбуттарын баран көр» диэбит. Максим дьиэҕэ көтөн киирбитэ Афанасий тыыннаах эбит, тиһэх куолаһынан “миигин Иликка (Ильяны бары инньэ дииллэр эбит) быһа­ҕы­нан хабарҕабын хайа сотто” диэхтээбит уонна биэлсэри ыҥырарыгар көрдөспүт. Көмөҕө кэлбит ыаллара Бысыев көрдөрүүтүгэр “мин Максимтан бу ким кэбилээтэ диэн ыйыппыппар “Илья хайа сотто” диэн үҥсүбүтүн эппитэ, мин Афанасий куолаһын кыайан истибэтэҕим” диэбит. “Илья ханна баарый?” диэбиппэр “муннукка итирик охтон утуйа сытар” диэбиттэрэ. Миэхэ санрейсэ ыҥырдыбыт диэбиттэрэ, ол кэннэ мин тахсан барбытым. Чаас аҥаара буолан баран “биэлсэр тымырын кыайан булларбата, онон эн систиэмэтэ туруоран көр” диэбиттэрэ. Ити кэмҥэ Афанасий өлөн эрэрэ, 2-3 мүн. айаннаахтаабыта ”, – диэбит.

“Тугу да өйдөөбөппүн”

Сууттанааччы Илья Сотрудников бирисээгэлээх сэтээтэллэри талбыт. Суукка кэлэн “миигин балыйаллар, олох өлөрбөтөҕүм”диэн турбут. Кини көрдөрүүтүгэр “дьуһуурустубалаан дьиэбэр сарсыарда 9 ч. кэлбитим. Утуйан туран баран эдьиийбэр тиийбитим уонна буокка ылбытым. Онтубун дьиэбэр кэлэн тэлэбиисэр иннигэр олорон аҥаарын испитим. Петя эрийэ сылдьыбытын истибэтэх этим, ону көрөн эрийбитим уонна киниэхэ тиийбитим. Онно 4 киһи арыгы иһэ олороллоро, мин кыттыспатаҕым. Кэпсэтэ олорон Афанасийтан иэспин ыйыппытым, төлөпүөммэр харчы уктаары. Онуоха кини “Петяҕа биэрбитим дии” диэбитэ. Петя “3 тыһ. эрэ биэрбитэ” диэбитэ, ол олорон кинилиин мин бытыылкам аҥаарын испиппит. Онтон эмиэ иэспин ыйыппыппар “Афанасийга баран быһаарсыахха” диэн буолбута. Дьиэҕэ кэлбиппитигэр Афанасий аймаҕа үлэтигэр баран эрэрэ. Үһүөн олорон испиппит. Мин сылайан дьыбааҥҥа баран утуйбутум. Куукунаҕа Афанасийдаах Петя этиһэр саҥалара иһиллэрэ. Мин тура сатыы турдахпына, Петя кэлэн охсубута, мин онтон батарыайаҕа баран түспүтүм уонна өйбүн сүтэрбитим. Ол кэннэ туох буолбутун улаханнык өйдөөбөппүн, түүл-бит курдук, миигин хайдах уһугуннарбыттарын эҥин өйдөөбөппүн. Мин дөйөрбөр Афанасий тыыннаах этэ, саҥатын истибитим”, - диэбит. Кини Афанасийы Петр өлөрбүт диэн уорбалыыр.

Суут уурааҕа

Суут атырдьах ыйын 2 уонна 6 күннэригэр буолбут, 6-7 чаас уһуннаахтык мунньахтаабыттар. 8 сэтээтэл уонна 4 саппаас сэтээтэл дьүүллээбиттэр. Хамсык буолан суукка Туйаара уонна кэргэнэ Анастасия эрэ кыттыбыттар. “Илья биһигини көрөн олорбута, санаабытыгар күлүү гынар курдуга” дииллэр. “Сэтээтэллэр ыстаарсайдара түмүгү номнуо быһаарыммыт курдук, туоһулар көрдөрүүлэригэр болҕомтотун уурбата. Бириигэбэр тахсар күнүгэр кини хаста да боротокуолу сыыһа толордо. Атырдьах ыйыгар биир санаанан Илья буруйа суох диэн быһаардылар уонна саалаттан босхолоон кэбистилэр”, – диэн соһуйбут дьон кэпсииллэр. “Икки туоһу Афанасий тиһэх тылын истибиттэр, төлөпүөн детализацията бигэргэтэр, эспэртиисэ «кини эчэйиини ылан баран саҥарар кыахтаах этэ» диир, Петя туох баарынан көрдөрүү биэрбит, сууттанааччы атаҕын таҥһыгар Афанасий хаана баар... Дьэ, ол да үрдүнэн сэтээтэллэр “буруйа суох” диэн босхолоон кэбистилэр! Кыһыыта да бэрт! Илья ити быһылаан кэннэ Баатаҕайга олорор Слепцов диэн албакаакка тута эрийбит. Ити киһи Барыласка биэс сыллааҕыта Илья күтүөтүн эмиэ быһахтааһыҥҥа уорбаланарыгар ууттан кураанах таһааран турар. Ол иһин биһиги сууттан олус диэн кэлэйдибит, киһи кырдьыгын булан ылара уустук эбит. Тоҕо өлөрүөхсүт көҥүл көччүйэ сылдьыахтааҕый? Быһахтанан өлбүт киһи баарын үрдүнэн, тоҕо ким да эппиэккэ тардыллыбатый? Биһиги бу дьыаланы таах хаалларыахпыт суоҕа, буруйдааҕы син биир эппиэттэтиэхпит, салгыы үөһээ суукка ааһыныахпыт...”

Анастасия Аммосова, огдообо хаалбыт сүтүктээх:

– Биһиги быыкаа дэриэби­нэҕэ олоробут, этэргэ дылы, ким тугунан аһаан-таҥнан, тыынан олорорун эндэппэккэ билэбит. Илья урут-уруккуттан сэнээбит дьонугар киирэн ай­даа­рарынан биллэр. Мин ити күн оҕолорбун кытары Дьокуускайга сылдьыбытым, мин баарым буоллар алҕас да киирбэт буоллаҕа. Инбэлиит эрэ диэн сэнээн киирдэ ини... Кэргэним алтыһааччыта суох, алҕас ааһыстахтарына дорооболоһор эрэ этэ. Ити күн кэргэним миэхэ “Илья хабарҕабын хайа сотто” диэн эппитэ. Ону суукка болҕомтоҕо да ылбатылар. Суукка мин эрэ Афанасийы ким өлөрбүтүн ыйбатаҕым ээ... Мин өссө бириигэбэр тахсар күнүгэр аҕыйах сылы биэрэллэрэ буолуо диэн дьаархаммытым. Бу ыстатыйаннан аҕыс сылтан уон икки сылга диэри ыыталлар. Онтубут отой да суут саалатыттан босхолоон кэбистилэр! Атырдьах ыйын 17 күнүгэр суут быһаарыытын илиибитигэр тутуохтаахпыт. Туоһулар, дакаастабыл баарын үрдүнэн өлөрүөхсүтү босхолоон кэбиһэллэрэ төһө сөптөөҕүй? Сэтээтэллэр тоҕо итинник бы­һаарыыны ылалларый? Кыр­дьык диэн суох дойдутугар хайдах дьаһанан олоробут? Мин кэргэним, оҕолорум тустарыгар өлөрүөхсүтү эппиэккэ тардан баран биирдэ тэйэр санаалахыпын!

Дмитрий ИВАНОВ.

Сэҥээриилэр

Hermine
0 Hermine 28.10.2022 17:08
Başlat İzleme Yüksek Kalite Ücretsiz Eşcinsel Seks Videoları Herhangi bir cihazda Sitemiz
mükemmel bir şekilde optimize edilmiştir, bu da videoların rahat bir
şekilde görüntülenmesini garanti eder. Sadece 'u ziyaret etmeniz gerekiyor eşcinsel seks videoları kategorilerimizde, herkese çok fazla zevk getirebilecek eşcinsel
seks videoları var ve bundan%.

my web-site Oyun skor üç kişilik oyunlar ateşli kadın porno: https://bikehazard.cz/to/iqnzt
Ответить
Latoya
0 Latoya 07.12.2023 16:11
Hello friends, pleasant post and nice arguments commented at this place, I am actually enjoying by these.



My blog post apotheek die
kenacomb verkoopt: http://snuaudiology.com/bbs/board.php?bo_table=board_3&wr_id=431
Ответить
Dorcas
0 Dorcas 27.01.2024 20:12
It's very straightforward to find out any matter on net as compared to books,
as I found this paragraph at this website.

Review my web site; Sicher oxibin kaufen: http://www.tamlashopping.com/bbs/board.php?bo_table=free&wr_id=5840
Ответить
India
0 India 11.04.2024 22:30
you're truly a just right webmaster. The site loading pace is incredible.
It kind of feels that you're doing any unique trick.
Also, The contents are masterpiece. you've done a excellent
job in this matter!

my web blog - Experience Seamless neosar Ordering:
Online Convenience: http://www.kdthoist.com/bbs/board.php?bo_table=free&wr_id=32001
Ответить
Emmett
0 Emmett 12.04.2024 01:41
This is the right website for everyone who wishes to understand this topic.
You realize a whole lot its almost hard to argue with you (not that I actually will need to…HaHa).
You certainly put a fresh spin on a subject that's been written about for years.
Wonderful stuff, just excellent!

Look into my blog post: acquistare levothyroxine senza prescrizione
Svizzera: http://z9starsc.com/bbs/board.php?bo_table=free&wr_id=540
Ответить

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар