СӨ Ис дьыалаҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, «Бүлүү» суолугар икки массыына саахалланна. Манна 14 киһи эмсэҕэлээтэ, олортон 5 оҕо, оттон хомойуох иһин, биир киһи суорума суолланна.
Быһа барыллаан көрүүнэн, тохсунньу 9 күнүгэр, күнүс 15:20 чааска, “Бүлүү” тыраассатын 130 килэмиэтиригэр «Тойота Королла Филдер» массыына салайар суолга ыытыытын таппакка, көрсүһэр балаһаҕа тахсан биэрэн, «Тойота Ипсум» массыыналыын харсыспыт. Саахал түмүгэр, «Тойота Ипсум» массыына суоппара, 1971 сыллаах төрүөх эр киһи, балыыһаҕа илдьэн истэхтэринэ, эчэйбит тыраамбаларыттан олохтон туораата.
«Филдер» массыына суоппара билигин реанимацияҕа сытар, кини соҕотох айаннаан испит эбит. Маны таһынан, «Ипсум» массыына алта олорсооччу дьоно араас эчэйиини ылан, балыыһаҕа киирдилэр, балар быыстарыгар биир сокуоннай сааһын туол илик оҕо баар.
Иккис массыына саахала киэһэ алта чааска, эмиэ «Бүлүү» суолун 150 килэмиэтиригэр буолбут. Барыллаан көрүүнэн, «Субару Импреза» массыына утары суол балаһатыгар тахсан биэрэн, «Тойота Хайс» массыыналыын харсыспыт. Саахал түмүгэр, микроавтобус 5 киһитэ уонна «Субару Импреза» 4 олорсон иһээччитэ эчэйбиттэр, быыстарыгар 4 оҕо баар эбит. Оһолго түбэспит дьон бары балыыһаҕа киирдилэр.