Киир

Киир

Федеральнай суолга буолбут улахан саахалларга 18 киһи эчэйбит. Бу иннинэ, быһылаан тахсыбытын нөҥүө күнүгэр, бу туһунан сырдатан турардаахпыт, ол эрээри, онно барыта "үһү-бадах" курдук бэлиэтэммитэ. Онон, бүгүн, барыта чопчуламмытын кэнниттэн, сөптөөх иһитиннэриини оҥоробут. 

Тохсунньу 9 кунүгэр Бүлүү федеральнай трассатыгар улахан суол быһылаана буолан, улуустааҕы киин балыыһаҕа өтөрүнэн буолбатах ыксаллаах быһыы-майгы таҕыспыт. Икки суһал санрейс вертолетунан оҥоһуллубут.

Бу күн 130 км. “Тойота Королла Филдер”, “Тойота Ипсум” уонна 151 км. “Субару Импреза”, “Тойота Хайс” массыыналар утары харсыһыыларын түмүгэр саахалга уопсайа 18 киһи эчэйиини ылбыт.

Бу туһунан Горнай улууһун киин балыыһа кылаабынай бырааһа Леонид Апросимов иһитиннэрэр:

– 130 км. тахсыбыт быһылааҥҥа сэттэ киһи эчэйиини ылла, биир киһи балыыһаҕа тиийбэккэ олохтон туораата. Биир эмсэҕэлээччи ыарахан туруктаах. Атыттар орто уонна

чэпчэки эчэйиини ылан эмтэниини дьиэлэригэр ааһаллар.

Онтон, 151 км. тахсыбыт суол саахалыгар 11 киһи эчэйдэ, олортон түөрдэ оҕо. Биир оҕо ыарахан операция кэнниттэн Дьокуускайга оҕо балыыһатын киинигэр реанимацияҕа сытар. Орто эчэйиини ылбыт үс оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа травматология отделениетыгар көһөрүлүннүлэр.

Эмсэҕэлээбит дьону тута эппэрээссийэлииргэ “Катастрофа кииниттэн” көмөҕө түөрт быраас, түөрт анал исписэлиистэр кэлэн, балыыһабытыгар ол түүн биэс операция оҥоһуллунна. Онон уопсайа сэттэ киһи Дьокуускай балыыһаларыгар көһөрүллэн эмтэниини ааһаллар. Улуустааҕы киин балыыһаҕа түөрт киһи эмтэниини барар.