Киир

Киир

СӨ Ис дьыалаҕа министиэристибэтэ этэринэн, Саха сиригэр түөкүннээһин саҥа көрүҥэ баар буолбут. Ол курдук, албыннааччылар саҥа хоруона вируһунан ыалдьан ааспыт дьоҥҥо «кэмпэнсээссийэ» төлүөхпүт диэн, угаайыга киллэрэллэр эбит.

Мииринэй оройуонун полициятыгар 73 саастаах Мииринэй олохтооҕо, аҕам саастаах дьахтар сайабылыанньалаах тиийбит. Кини этэринэн, төлөпүөнүгэр кимэ биллибэт дьахтар эрийэн, страховой төлөбүрү оҥоруоҕун сөбүн туһунан эппит. Түөкүн, аҕам дьахтар саҥа хоруона вируһунан ыалдьан ааспытын иһин, 450 тыһ. солкуобай кэмпэнсээссийэ харчытын төлүөхпүт диэн эрэннэрбит. Ол эрээри, ити суумманы ылыан иннинэ, кини госпошлинаны уонна тырааныспар ороскуотун төлөһүөхтээҕин туһунан кэпсээбит.

Аҕам дьахтар сөбүлэһэн, түөкүттэргэ 135 тыһ. солкуобайы ыыппыт.

«Арааһынай социальнай төлөбүрдэри оҥоруохпут диэн төлөпүөҥҥүтүгэр эрийэр уонна сурук ыытар, саҥа хоруона вируһугар сыһыаннаах төлөбүрдэри оҥоруохпут диэн этэр дьон – түөкүттэр. Сэрэхтээх буолуҥ уонна чугас доҕотторгутун, кэллиэгэлэргитин, аҕам саастаах аймахтаргытын бу туһунан сэрэтиҥ!» - диэн СӨ Ис дьыалаҕа министиэристибэтэ биллэрэр.

.

Санааҕын суруй