Киир

Киир

Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар тахсыбыт суол саахалыгар биир дьахтар эчэйбит. Саахал тахсар түгэнигэр, эчэйбит дьахтар харыстанар курун иилиммэккэ олорбут.

Бэҕэһээ, муус устар 3 күнүгэр, күнүс 14 ч. саҕана, Майатааҕы полиция салаатын дьоһуурунай чааһыгар Аммалыыр суолга саахал тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит. Бастакы быһаарыынан, муус устар 3 күнүгэр, Аммалыыр суол 85-с килэмиэтиригэр 49 саастаах суоппар дьахтар, Тойота Платз массыынаны ыытан иһэн, биир түгэҥҥэ ыытыытын кыайбакка, суол кытыытыгар турар Вольво массыынаны кытта харсыспыт. Бу тырааныспар суоппара 39 саастаах эр киһи эбит.

Маныаха, Тойота Платз массыынаҕа олорсон испит 59 саастаах дьахтар өттүгүн уҥуоҕар эчэйиини ылбыт. Кинини суһаллык Мэҥэ Хаҥаластааҕы Киин балыыһаҕа тиэрдибиттэр.

Бэрэбиэркэ түмүгэр, саахал тахсыбыт кэмигэр олорсон иһээччи дьахтар Тойота Платз кэлин өттүнээҕи сидиэнньэтигэр харыстанар кура суох олорсон испит эбит. Суоппардар иккиэн эчэйбэтэхтэр, маныаха, иилиммит харыстанар курдара кинилэргэ абырал буолбут. Суоппардар, түмүк быһаарбытынан, арыгыны испэтэхтэр.

Тойота Платз суоппара бу сыллаахха ГИБДД-га туох даҕаны кэһиитэ суох сылдьыбыт эбит.

Билиҥҥитэ, бу суол саахалын тула бэрэбиэркэ бара турар.