Уус Алдан улууһугар «Уус Алдан суоллара» ААУо генеральнай дириэктэригэр тэриллибит холуобунай дьыалаҕа буруйдуур түмүк докумуон оҥоһуллан суукка барда.
Салайааччы хас да ый устата үлэһиттэргэ хамнастарын биэрбэккэ сылдьыбытын СӨ Борокуратуурата бэрэбиэркэтэ бигэргэппит. Силиэстийэ көрдөрөрүнэн, буруйданааччы тэрилтэни салайан олорон, төһө эмэ хамнаһы төлүүр кыах баарын үрдүнэн, 52 үлэһиккэ 5,8 мөл.солк. сууммалаах хамнаһы икки ыйы быһа толору уонна үс ыйтан ордук кэмҥэ сороҕун төлөөбөтөх.
Борокуратуура кыттыһыытын кэннэ үлэһиттэр хамнастара барыта толору төлөммүт. Ол эрээри бу хойутаан оҥоһуллубут дьаһал буруйу чэпчэтэр дьайыы курдук көрүллүбэт буолуохтаах.
Сонун төрдө: СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата