Киир

Киир

Хаҥалас улууһугар, 43 саастаах эр киһи 18 саастаах төрөппүт кыыһын аһылыгы кэмигэр бэлэмнээбэтэҕин иһин, илиитин тоһуппут. Кыыс эрэйдээх тостубут илиилээх балыыһаҕа киирбит, оттон быраастар полицияҕа тыллаабыттар.

«Эмсэҕэлээччи төрөппүттэрэ арахсан, тус-туһунан олороллор. Кыыс аҕатыгар ыалдьыттыы кэлбит. Эр киһи сүөһүнү тутар эбит. Түбэлтэ тахсыбыт күнүгэр, аҕа кыыһын сарсыарда эрдэ туран аһылык бэлэмнииригэр көрдөспүт. Ол эрээри, эр киһи дьиэтигэр кэлбитэ, кыыс утуйа сыппыт. Аҕата ону көрөн улаханнык кыыһырбыт уонна утуйа сытар кыыһы оронуттан охторон түһэрээт, оҕотун этин-сиинин мас баалкынан 10-та охсубут», - диэн эрэгийиэннээҕи Ис Дьыала министиэристибэтигэр кэпсииллэр.

Эр киһини полиция салаатыгар аҕалбыттар, буруйданааччы оҥорбут дьыалатыгар билиммит. «Киһи доруобуйатыгар соруйан эчэйиини оҥоруу» РФ Холуобунай Кодексын 112 ыстатыйатын 1 чааһынан холуобунай дьыала тэрилиннэ.

Бүтэһик сонуннар