Киир

Киир

Атырдьах ыйын 8 күнүгэр, Мииринэй куоратын Ленинградскай проспегар элбэх кыбартыыралаах дьиэ умайда, манна икки киһи эмсэҕэлээтэ.

«Баһаарынайдар бастакы подразделениелара кэлэллэригэр, дьиэттэн хара буруо тахса турар этэ. Төлөн уопсайа 27 кв. иэҥҥэ тарҕаммыт, дьиэ подъеһа иһиттэн уонна биир кыбартыыра уокка сиэниллибит», - диэн Саха сиринээҕи Ыксаллаах-быһыы-майгы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Уоттан эмсэҕэлээбит 1982 с. төрүөх эр киһини уонна 1983 с. төрүөх дьахтары быһылаан тахсыбыт сириттэн Мииринэйдээҕи киин балыыһаҕа илдьибиттэр. Билиҥҥитэ баһаар тахсыбыт төрүөтэ, буруйдаах уонна хоромньу быһаарыллар үлэтэ ыытылла турар. Баһаары кытта охсуһууга Мииринэйдээҕи баһаарынай-быыһыыр гарнизонуттан 18 киһи уонна 4 тиэхиникэ кыттыбыт.

Санааҕын суруй