Чурапчы оройуонун Суолга куттала суох буолуу Судаарыстыбаннай автоинспекциятын дьоһуурунай чааһыгар, атырдьах ыйын 16 күнүгэр, Халыма федеральнай трасса 138 килэмиэтиригэр суол саахала тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит. Саахал тахсыбыт сиригэр икки киһи ылбыт эчэйиилэриттэн сылтаан, тутатына өлбүттэр.
Чинчийии түтүгэр, «Тойота Виш» массыынаны ыытан испит 22 саастаах эдэр эр киһи массыына салайыытын кыайбакка, айаннаан испит суолуттан түҥнэри түспүт. Саахал түмүгэр, 51 саастаах эр киһи уонна 23 саастаах ыччат кыыс ылбыт эчэйиилэриттэн тутатына өлбүттэр. Өссө биир олорсон иһээччи этигэр-сиинигэр араас эчэйиилэри ылан, олохтоох балыыһаҕа утаарыллыбыт. Оттон суоппар киһи улаханнык эчэйбэтэх. Суол саахала тахсар кэмигэр, олорсон иһээччилэртэн хайалара даҕаны харыстыыр анал куру иилиммэтэхтэр. Бу туһунан олохтоох Суолга куттала суох буолуу Судаарыстыбаннай автоинспекциятын салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Чинчийии түмүгүнэн быһаарбыттара, суоппар икки ый анараа өттүгэр массыынаны ыытар быраабы ылбыт эбит.
Суол саахалын туһунан матырыйаалы силиэстийэлиир уорганнарга тиэрдибиттэр.
Саха сирин Судаарыстыбаннай автоинспекциятын Саха сиринээҕи салаата халлаан туругун уонна суол хайдаҕын көрөн, тырааныспар ускуораһын быһаараргытын санатар. Оттон суоппар уонна олорсон иһээччилэр хайаан даҕаны харыстыыр анал курдары иилинэн айанныахтаахтар. Даҕатан этэр буоллахха, суоппар ыраах айаҥҥа турунар буоллаҕына, үлэтин уонна сынньалаҥын режимин үчүгэйдик тутуһуохтаах. Маны сэргэ, арыгыны иһэн баран, сылайан-элэйэн эбэтэр ыалдьа сылдьар кэмҥэ массыынаны ыытар булгуччу бобуллар.