Киир

Киир

Дьокуускай куорат суута Арассыыйа олохтоохторунан ааҕылла сылдьыбыт Шингибаеваны уонна Кракояны Арассыыйа Холуобунай кодексын 322.1 ыстатыйатын 2 чааһын «а» пуунунан (эрдэ быһаарыллыбыт сүбэнэн хас даҕаны буолан, Арассыыйа Федерациятыгар тас дойду олохтоохторун сокуоннайа суохтук олохсуйууларын тэрийии) буруйдаахтарынан аахта. Хас биирдиилэригэр 30 000 солк. уонна 25 000 солк. ыстыраап анаабыттарын таһынан,  2 сыл усулуобунайдык көҥүллэрэ быһылынна.

Саха сиригэр Арассыыйа УФСБ пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, Шингибаева Кракоянныын Саха сиригэр Орто Азияттан сокуона суох дьону көһөрөн аҕалыыга ханаалы арыйыы туһунан сүбэлэспиттэр.      

Бу дьон буруйу хайдах оҥоруохтарын сөбүн туһунан мэхэниисимин толкуйдаабыттар, ким туох оруолу толоруохтааҕын быһаарсыбыттар уонна былааннарыттан киирбит дохуоту хайдах үллэстиэхтээхтэрин ырыппыттар.

Сууттанааччы дьахтар тас дойдуттан кэлиилэригэр докумуоннарын толорууга уустуктары көрсүбүт дьону көрдүүрүнэн дьарыктаммыт, онтон сууттанааччы эр киһи кинилэри ылынааччынан ананан үлэлээн-хамсаан саҕалаабыт. Кинилэр харчынан манньа иһин сымыйа суруктаах, дааннайдардаах докумуоннары миграционнай уорганнарга тиксэриинэн дьарыктаммыттар.

«Шингибаеваны уонна Кракояны усулуобунайдык буруйдаммыт дьон күннээҕи диссипилиинэлэрин хонтуруоллуур судаарыстыбаннай анал уоргаҥҥа учуокка турарга уонна ый ахсын бэлиэтэнэ кэлэллэригэр ирдээтилэр», - диэн иһитиннэриигэ суруллубут.

Суут бириигэбэрин сокуоннай күүһэ олоххо киирдэ.

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар