Киир

Киир

БүгүнДьокуускай куорат суута дьонтон хас эмэ уонунан мөлүйүөнүнэн сууммалаах харчыны, онон-манан куттаан, ылан сиэбигэр уктубут суруналыыс, блогер Сусанна Рожинаны 4 сыл 6 ыйга холуонньаҕа ыытарга (борокуруор 8 сылы көрдөөбүтүн үрдүнэн) бириигэбэр таһаарда.

Кини төһө да буруйун толору билиммитин, улаханнык кэмсиммитин, холуонньаҕа ыытымаҥ, "оҕолорбун ийэтэ суох хаалларымаҥ" диэн көрдөспүтүн иһин, суут син биир холуонньаҕа ыытарга уонна бас билэр баайын былдьыырга быһаарда.

Инники дьиэҕэ эрэ хааллан олорбут Сусанна Рожинаны суут саалатыттан тутан илдьэ барбыттар.

Эһиги санааҕытыгар суут сөпкө быһаарбыт дуо?

Бүтэһик сонуннар