Тиэтэтэр дии санаамаҥ, доҕоттор. Билиҥҥи олохпут ирдэбилэ оннук буолла. Иэгэйэр икки атахтаах айыллан-үөскээн бу Орто дойдуга кэлэн баран, хаһан эрэ син биир өбүгэлэригэр төннөр оҥоһуулаах. Онтон куоппут, мүччүрүйбут суох. Оттон дьонун-сэргэтин туһугар дьоһуннаах олоҕу олорбут, үлэлээн-хамсаан сыраласпыт киһи хайаан даҕаны ыччатыгар-кэнчээритигэр туох эмэ, кыра да буоллар, хаалларардаах буолар.
“Ол кырдьаҕас кэриэһин суруйбакка өлөн, оҕолоро баайын-дуолун былдьаһан этиһии-охсуһуу бөҕөлөр үһү” диэбит курдук дьон кэпсээнин күн аайы да буолбатар, дөрүн-дөрүн истэбит, билэбит. Аны туран, огдообо киһи сааһыран баран олоҕун иккистээн оҥостор уонна өлөрүн саҕана дьиэтин-уотун бииргэ олорбут, ыарыылаан атаарбыт киһитигэр, оҕолорун-ыччаттарын матаран туран, аныыра эбэтэр “аҕаа, кэриэскин суруйбаккын дуо?” диэтэхтэринэ, “тугуй ол, миигин өлөрө охсоору гынныгыт дуо?!” диэн өһүргэс буолара эмиэ баар суол.
Туох да диэбит иһин, ити барыта биһиги күннээҕи олохпут көстүүтэ. Онон, “Кыым” бүгүҥҥү нүөмэригэр кэриэс сурук (завещание) уонна нэһилиэстибэ туһунан “Фемида” өрөспүүбүлүкэтээҕи албакааттар кэллиэгийэлэрин чилиэнэ, юрист, албакаат Наталия Барбахтырованы кытта кэпсэтэбит.
Нэһилиэстибэ диэн тугуй?
Нэһилиэстибэҕэ тиксии диэн – өлбүт киһи баайа-дуола, кини бырааба уонна эбээһинэһэ атын киһиэхэ бэриллиитин ааттыыллар. Дьон-сэргэ нэһилиэстибэ боппуруоһугар биир өйдөөбөт суола баар буолааччы. Холобур, кимиэхэ эрэ нэһилиэстибэнэн ипотеканан атыылаһыллыбыт уонна онто төлөнөн бүтэ илик кыбартыыра кэлэр. Ону дьон “биһиги кыбартыыратын ылабыт, оттон ипотекатын – суох” дииллэр, оннук буолуохтааҕын курдук саныыллар. Ити – букатын сыыһа өйдөбүл. Тоҕо диэтэххэ, нэһилиэстибэни ылааччылар өлбүт киһи иэһин-күүһүн эмиэ ылаллар, эппиэтинэһи толору сүгэллэр. Судургутук эттэххэ, кини быраабын кытта эбээһинэһэ эмиэ сүктэриллэр.
Аны маннык түгэн баар. Кирэдьиит атыылаһыллыбыт массыына нэһилиэстибэ быһыытынан кэллэҕинэ, баан эйигиттэн “массыынаны ылбыт эбиккин, харчытын төлөө” диир бырааптаах. Ол гынан баран, итинник боппуруос биир “ноолоох”, баан бэрэстэбиитэллэрэ дьон сууту-сокуону билбэтинэн туһунан, “муннарыахтарын” сөп. Холобур, өлбүт киһи баантан иэс ылбыт суумата 1 мөлүйүөн, оттон массыына бэйэтин сыаната 500 тыһыынча буолуо. Ол иһин баан 1 мөлүйүөнү көрдүүр. Итинник түгэҥҥэ сокуону билэр киһи: “Массыына 500 тыһыынча суумалаах, онон, мин эһиэхэ оччо сууматтан элбэҕи биэрбэппин. Төһө суумалаах нэһилиэстибэни ылабын да, оччону төлүүбүн”, – диэхтээх.
Аны туран, сорох дьон “нэһилиэстибэ ыллым, онтон кэлин аккаастаныахпын сөп” дии саныыллар. Суох, оннук табыллыбат. Нэһилиэстибэҕэ киирбит буоллаххына, барытын ылаҕын. Этэргэ дылы, “дьиэтин ылабын, кирэдьииттээх массыынатын – ылбаппын” диир быраабыҥ суох.
Даҕатан эттэххэ, хомунаалынай төлөбүр иэһин суукка мөккүһүөххэ сөп. Холобур, суут нөҥүө өҥөнү оҥорор тэрилтэ “эн – нэһилиэнньиккин, иэһи төлөө” диир. Ол эрээри эн ол дьиэҕэ олорботох буоллаххына, суукка киирсэн, олорботоххун дакаастаан, төлөбүртэн босхолонуоххун сөп. Уопсайынан, ити боппуруос дэгэтэ элбэх.
Сокуонунан бэриллэр нэһилиэстибэ
Нэһилиэстибэ икки көрүҥнээх. Бастакыта – сокуонунан, иккиһэ – кэриэһинэн. Сокуонунан бэриллэр нэһилиэстибэ өлбүт киһи кэриэһин суруйан хаалларбатах буоллаҕына көрүллэр.
Сокуонунан көрүллэргэ бокуонньук дьоно-сэргэтэ кини нэһилиэстибэтигэр уочаратынан тиксэллэр. Ким төһө чугас аймах-уруу буоларынан көрөн. Ол иһин 1-кы, 2-с, 3-с уочарат, ол кэннэ кэлээччилэр, о.д.а. нэһилиэнньиктэр диэн бааллар. Сокуон быһыытынан. Олортон сүрүннэрэ манныктар.
Бастакы уочарат нэһилиэнньиктэр: өлбүт киһи оҕолоро, эрэ (ойоҕо), төрөппүттэрэ. Сиэннэр атын көрүҥ нэһилиэнньиктэргэ киирсэллэр.
Иккис уочарат нэһилиэнньиктэр: (бастакы уочарт нэһилиэнньиктэр суох буоллахтарына) бокуонньук бииргэ төрөөбүттэрэ (ол иһигэр атын ийэттэн-аҕаттан эмиэ), ийэтин да, аҕатын да өттүттэн эһэлэрэ-эбэлэрэ. Бииргэ төрөөбүттэр оҕолоро атын көрүҥҥэ киирсэллэр.
Үһүс уочарат нэһилиэнньиктэр: (“бастакылар-иккистэр” суох буоллахтарына) бокуонньук төрөппүттэрин бииргэ төрөөбүттэрэ.
Ити кэнниттэн “онтон кэлэр уочарат нэһилиэнньиктэр” диэн бааллар. Ол быһыытынан, үөһэ ыйыллыбыт нэһилиэнньиктэр суох буоллахтарына, нэһилиэстибэ хос эбэлэргэ-эһэлэргэ, кинилэр оҕолоругар-урууларыгар, сиэн бырааттарга-балыстарга, о.д.а. эмиэ уочарат быһыытынан тиксэр.
Өлбүт киһи кэриэс суругу хаалларбатах буоллаҕына, судаарыстыба нэһилиэстибэҕэ хас киһи тиксиэхтээҕин көрөн, баайы-дуолу бэйэтэ өлүүлүүр. Аны туран, өскөтүн өлүөхсүт сокуоннай сааһын туола илик эбэтэр үлэлиир кыаҕа суох оҕолоох, эмиэ оннук ойохтоох, эмиэ үлэлиир кыаҕа суох киниэхэ иитиллэн олорор дьонноох буоллаҕына, судаарыстыба кинилэргэ булгуччулаах өлүүнү аныыр. Итинник көрүҥҥэ киирсэр нэһилиэнньиктэр, бэл, өлбүт киһи кэриэс суругар баайын-дуолун туора да киһиэхэ анаабыт буоллаҕына, өлүүгэ тиксэллэр. Ол өлүү уопсай нэһилиэстибэҕэ барар өлүү аҥаарыттан кыра буолуо суохтаах. Итинник ньыманан сокуон сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору уонна көрөөччүтэ-харайааччыта суох дьону көмүскүүр.
Кэриэһинэн кэлэр нэһилиэстибэ
Кэриэс (завещание) хайаан даҕаны кумааҕыга суруллубут, нотариуһунан бигэргэммит буолуохтаах. Аны туран, бары билэрбит курдук, сир-сир аайы нотариус баар, чугас буолбат. Оччотугар кини оннугар кэриэс сурук кырдьыктааҕын олохтоох дьаһалта баһылыга бигэргэтиэн сөп. Оттон киһи балыыһаҕа сытан тыына быстар түгэнигэр, өлүөн иннинэ суругун кылаабынай бырааска, кини солбуйааччытыгар, олор суох буоллахтарына, дьуһуурунай бырааска, хаайыыга сытан – хаайыы салайааччытыгар, эспэдииссийэҕэ сылдьан – эспэдииссийэ начаалынньыгар, өрүскэ-муораҕа – хараабыл-суудуна хапытааныгар, ыарыһаҕы көрөр-истэр социальнай тэрилтэ салайааччытыгар бигэргэттэриэххэ сөп.
Эбэн эттэххэ, кэриэс суругу ардыгар куһаҕан санаалаах дьон кими эмэ куттаан, тылларыгар киллэрэн албыннаан, үктэтэн суруйтарыахтар түгэннэрэ баар буолар. Оннугу суутунан көтүртэриэххэ сөп. Ол гынан баран, инньэ гыммыттарын сатаан дакаастыаххын наада.
Өскөтүн өлүөхсүт баайын-дуолун оҕолоругар барыларыгар анаабыт буоллаҕына, оҕолор бэйэлэрин икки ардыларыгар сүбэлэһэн баран, кимнээх эрэ баайы ылартан аккаастанан, биир киһиэхэ биэриэхтэрин сөп. Даҕатан эттэххэ, сокуонунан кэлэр нэһилиэстибэттэн эмиэ оннук, ким эрэ туһугар, аккаастаныахха сөп. Эбэтэр кэриэс сурукка “дьиэбин – кыыспар, массыынабын – уолбар, сирбин – сиэммэр” диэн барыларыгар чаас-чаас тыырыан сөп.
Нотариуһунан, олохтоох дьаһалтанан, о.д.а. боломуочуйалаах дьонунан бигэргэммэтэх кэриэс сурук көннөрү кумааҕы быһыытынан сыаналанар.
Нэһилиэстибэ арыллар миэстэтэ уонна кэмэ
“Нэһилиэстибэ арыллар миэстэтэ” диэн тугуй? Ол аата, бокуонньук тиһэх күннэригэр диэри олорбут уонна баайа-дуола хаалбыт сирэ. Өскөтүн бокуонньук олорбут сирэ чопчу биллибэт эбэтэр олорбут сириттэн атын сиргэ сылдьан өлбүт буоллаҕына, нэһилиэстибэ “арыллар миэстэтэ” диэн өлүөхсүт баайа-дуола хаалбыт сирэ ааттанар. Оттон хас да сиргэ дьиэлээх-уоттаах, баайдаах-дуоллаах киһи буоллаҕына, саамай сыаналаах баайа-дуола ханна баарынан “арыллар”.
“Нэһилиэстибэ арыллар кэмэ” диэн тугуй? Ол аата, үөһэ этиллибитин курдук, киһи өлбүт кэмэ эбэтэр суут “бу күн өлбүт” диэн быһаарбыт күнэ ааттанар. Олоххо барыта эриэ-дэхси буолбат. Сорох дьон чугас киһилэрэ өлбүтүн хойутаан булар түгэннэрэ эмиэ баар. Аны туран, сүтэ-муна сылдьан быстыбыт-быралыйбыт да суох буолбатах. Маннык түгэҥҥэ нэһилиэстибэ “арыллар кэмин” суут быһаарар.
Миэстэтэ уонна кэмэ туохха нааданый? Бокуонньук чопчу ханна өлбүтүн билэр буоллаххына, ол уокурук нотариуһугар тиийэн “нэһилиэстибэни ылар” (о принятии наследства) туһунан сайабылыанньа суруйаҕын. Аны туран, ол сайабылыанньа нэһилиэстибэ “арыллыбыт кэмиттэн” 6 ый иһигэр суруллар. Олоххо араас буолар. Сороҕор киһи киниэхэ нэһилиэстибэ хаалларбыттарын да билбэккэ сылдьыан эбэтэр ханнык эрэ атын төрүөтүнэн 6 ый иһигэр нотариуска тиийэн сайабылыанньаны суруйбакка хаалыан сөп. Ол гынан баран, холобур, өскөтүн эн ити этиллибит 6 ый иһигэр өлбүт киһи (холобур, ийэҥ) дьиэтин-уотун, баайын-дуолун көрөн-истэн, харыстаан, квартплататын, нолуогун, ол-бу төлөбүрүн төлөөн олорбут буоллаххына, фактически нэһилиэстибэни ылыммытынан аахсыллаҕын. Ол эрээри, кэлин син биир нотариуска онтугун дакаастыахтааххын. Холобур, төлөөбүт кибитээнсийэлэргинэн, “бу дьиэҕэ чахчы олорор” диэн учаскыабай биэрбит ыспыраапкатынан. Оттон нотариус аҕалбыт ыспыраапкаларгын билиммэтэҕинэ, онтугун туппутунан суукка бараҕын.
Аны туран, сорох дьон кинилэр ааттарыгар нэһилиэстибэ хаалбытын-суоҕун билбэт буолуохтарын сөп. Оннук түгэҥҥэ өлбүт киһи олорбут, баайа-дуола хаалбыт сиригэр үлэлиир нотариуска ыйытык ыытыахха сөп. Билигин нотариустар бары биир тиһиккэ үлэлииллэр, барыта көстөр.
Сокуоннай сааһын туола илик оҕоҕо нэһилиэстибэ эмиэ ананыан сөп эрээри, кини 18 сааһын туолуор диэри ол баайы-дуолу дьаһайара табыллыбат. Судургутук эттэххэ, дьиэ оҕо аатыгар сылдьар эрээри, кини ону атыылыыр, бэлэхтиир бырааба суох буолар.
Достуойунайа суох нэһилиэнньиктэр
Инньэ диэннэр эмиэ бааллар. Ол аата кимнээҕий? Достуойунайа суох нэһилиэнньиктэр диэҥҥэ маннык дьон киирэллэр: 1) төрөппүт быраабыттан быһыллыбыт дьон; 2) нэһилиэстибэни хаалларар киһи уонна кини нэһилиэнньиктэрин утары соруйан туох эрэ буруйу оҥорбут дьон (холобур, кырбаан, атаҕастаан, тугу эрэ гынан суутунан эппиэтинэскэ тардыллыбыт киһи); 3) нэһилиэстибэни хаалларыахтаах киһини тыыннааҕар көрбөтөх-истибэтэх, ииппэтэх-харайбатах, инньэ гынан эбээһинэһин толорботох, онто суутунан дакаастанан бырааба быһыллыбыт киһи (холобур, кыаммат, сатаан көрүммэт буолбут төрөппүтүн көрбөтөх-истибэтэх, этэргэ дылы, көмүс уҥуоҕун көтөхпөтөх, алтан уҥуоҕун араҥастаабатах, онто ким эрэ үҥсүүтүнэн суутунан дакаастаммыт киһи).
Нэһилиэнньик көстүбэтэҕинэ. Өскөтүн бокуонньук биир да нэһилиэнньигэ суох эбэтэр баар буолан баран, быраабыттан быһыллыбыт буоллаҕына, баай-дуол судаарыстыбаҕа барар.
Түмүккэ
Дьон кэпсээнин, түбэспит балаһыанньатын көрө-истэ сылдьан киһи “булгуччу кэриэс суругу суруйуохха баар эбит” диэн санааҕа кэлэр. Кырдьык, өлбүт кэннэ оҕолоруҥ-ыччаттарыҥ дьиэ-уот, сир-баай туһуттан иирсэ-охсуһа сылдьаллара, үйэлэрин тухары атырдьах маһыныы арахсаллара туох үчүгэйдээх буолуой? Онон, “Доҕоор, кэриэскин суруйдуҥ дуо?” диэн ыйытыы сиэрдээх курдук.
Биллэн турар, бу матырыйаалга албакаат Наталия Барбахтырова кэриэс сурук уонна нэһилиэстибэ туһунан хаһыат кээмэйигэр сөп буолар гына сүрүн эрэ өттүн кэпсээтэ. Ис-иһигэр киирдэххэ, эридьиэһэ, ымпыга-чымпыга баһаам. Онон, кэриэстэрин суруйуохтарын саныыр дьон олорор сиргит дьаһалтатыгар, нотариуһугар тиийэн сиһилии билсиэххитин, быһаартарыаххытын сөп. Онно киһи кыбыстара, “түүйбүккэ дылы” диирэ туох да суох.
Наталия Климентьевнаҕа кэпсээнин, сүбэтин-аматын иһин барҕа махтал буоллун. Кини нүөмэрэ эрэдээксийэҕэ баар.
А.КАПРЫНОВ.