Лаура Перлин Эмиэрикэ Сан-Франциско куоратыгар олорор. Тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр кэлиитэ туһунан устуоруйалаах. Тас эйгэни кытта ситимнээх кыыс өбүгэлэрин ыҥырыыларынан ыраах айаҥҥа туруммут. Нууччалыы холкутук уонна сахалыы ураты астыктык саҥарар Лаура бастаан тугу ыйытаргын болҕомтолоохтук истэр, онтон мичээрдиир, хоруйдуур уонна эмиэ хайаан даҕаны мичээрдиир.
Төрүттэрбин кытта кэпсэппитим
– Оҕо сааскын, дьоҥҥун сырдат эрэ.
– Олус чуумпу оҕо этим. Аангылыйалыы хоһооннору, кэпсээннэри, итэҕэлгэ сыһыаннаах литэрэтиирэни элбэҕи ааҕарым. Кимтэн эрэ тиксибит букубаарбыттан нууччалыы аҕыйах тылы билэрим. Кырабыттан айылҕаҕа талаһабын. Аҕам – Украинаттан төрүттээх дьэбириэй. Эмиэрикэҕэ көһөн кэлиэҕиттэн араас аппарааты өрөмүөннүүр. Ийэм – саха уонна сыгаан хааннаах. Кырабытыгар биһигини оҕолоон олорбута. Кэлин үөрэнэн, тиис бырааһын көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиир. Быраатым технологияҕа сыһыаннаах хампаанньалаах. Мин Калифорния университетыгар литэрэтиирэ уонна аныгы тыл факультетын бүтэрбитим. Нуучча тылын устудьуоннуу сылдьан үчүгэйдик үөрэппитим. Дьиэбитигэр нууччалыы уонна аангылыйалыы кэпсэтэбит. Билигин Сан-Францискоҕа Духуобунай эмтиир киини үлэлэтэбин. Онно Индия былыргы мэдиссиинэтин, уйулҕа үөрэҕин үөрэтэбит, турукка киирии сеанстарын ыытабыт.
– Саха сириттэн төрүттээххин хайдах билбиккиний?
– Төрүттэрим Сибиир эбэтэр Уһук Илин төрүт омуктара буолалларын бэрт кыратык билэрим. Ийэм Москубанан, Италиянан эргийэн, Эмиэрикэҕэ кэлиэҕиттэн уруккутун умнубут. Ол туһунан кэпсэппэт да этибит. Кэлин кини Саха сириттэн төрүттээҕин истэн, Интэриниэттэн туох дойду буоларын, олохтоох дьону, култуураны көрөн-билэн барбытым. Онтон биирдэ анал сиэр-туом кэмигэр төрүттэрим миэхэ кэлбиттэрэ. Бу эйигинниин курдук чугас олорон кэпсэппитим. Хастар даҕаны этэ, тирии таҥастаахтара, хайдах олорбуттарын кэпсээбиттэрэ уонна Саха сиригэр тиийэ сылдьарбар эппиттэрэ. Ханнык тылынан кэпсэппиппин өйдөөбөппүн. Турукка киирдэххэ, ону аахайбат эбиккин. Ити икки сыллааҕыта буолбута. Онтон ыла эһэбин уонна икки эбэбин кытта «алтыһабын». Саха сирин ханнык улууһуттан төрүттээҕим биллибэт. Төрүттэрбин үөрэтэрбэр, аймахтарбын көрдүүрбэр миигин үгүс үлэ күүтэр.
Саха сиригэр аан бастаан былырыын от ыйыгар кэлбитим. Ийэм айанныырга санаммыппын истэн соһуйбатаҕа, ол эрээри долгуйара биллэрэ. Манна кими да билбэт буоллаҕым. Онон Интэриниэккэ Саха сиригэр сыһыаннаах матырыйааллар ааптардарынан миигин көрсүөн сөптөөх дьону балачча өр көрдөөбүтүм. Биир күн Вашингтоҥҥа олорор Вера Соловьева диэн саха кыыһын булбутум. Кини миэхэ «Кистэлэҥ күүс» хаһыат бэпэчиитэлэ Марина Платонова-Хомпорууна нүөмэрин биэрбитэ. Марина көмөтүнэн манна аартыгым арылынна. Дьокуускайга түһээт, дьикти үчүгэй салгыны эҕирийбитим. Уруккуттан билэр уонна ахтар салгыным курдук. Аэропортан тахсан, оттоох сиргэ атах сыгынньах үктэммитим, ытыспын уурбутум. Сиртэн олох атын салгын, эниэргийэ кэлэрэ.
– Куоракка киириигэ хараҕыҥ туохха хатаммытай?
– Дьиэ эркиннэригэр уруһуйдаммыт сахалыы тыыннаах хартыыналары кэрэхсии көрбүтүм. Саха төрүт истиилигэр сэбиэскэй кэмнээҕи уонна аныгылыы ойуу-бичик кыттыспыта олус интэриэһинэйдик көстөр. Ирбэт тоҥҥо ууруллубут аспаал, сотору-сотору кэлэр кумах суол – эмиэ сонун. Мин элбэх сиргэ сылдьыбытым, ол эрээри маннык дьикти куораты биири эрэ көрөбүн. Салгыы аһаан, суунан-тараанан баран, Мариналыын куоракка күүлэйдии барбыппыт. Бастакы күн куорат салгынын, ис туругун өйдүү сатаабытым. Атын кэрэтигэр болҕомтобун кэлин уурбутум.
Быырпахтааҕар кымыһы ордордум
– Саха төрүт аһын төһө сэҥээрдиҥ?
– От-мас аһылыктаах вегетарианецпын. Ол эрээри дьон күндүлүүрүн суолталыыбын, ыалдьыттыыр кэммэр ханнык да астан аккаастаммаппын. «Индигирка» салааты, кыһыллыбыт балыгы олус сөбүлээтим. Бастаан ончу өйдөөбөтөҕүм. Ыһаарыламмыт собо, балык искэҕэ – киһи тылынан сатаан тиэрдибэт минньигэс! Манна айылҕа отонун амтана ураты. Дьэдьэни, хаптаҕаһы, моонньоҕону, сугуну, отону киилэнэн да сиэхпин сөп. Чуолаан отонун, барыанньатын буолбатах. Быырпахтааҕар кымыһы ордоробун. Кымыстан эмиэ олох атын эниэргийэ кэлэр.
– Саха сирин ханнык кэрэ-бэлиэ сирдэригэр сырыттыҥ?
– Былырыын ый кэриҥэ ыалдьыттыырбар Булууска, Туруук Хайаҕа, Еланкаҕа, Ньурбаҕа Сата Хайаҕа, куорат таһынааҕы айылҕаҕа сылдьыбытым. Аляскаҕа олорбут буоламмын, Саха сирин бырдаҕын атыҥыраабатым. Сан-Францискоҕа сайын диэн суох, тымныы. Онон манна дьиҥнээх сайыны билэбин. Киһи ханна эмэ барарга санаммыт буоллаҕына, бырдахха, итиигэ, тымныыга, туалет суоҕар ытыа суоҕун наада. Онно аралдьыйа сылдьан, атын кэрэни куоттаран кэбиһиэххин сөп. Ханна даҕаны олус табыллан, арыллан сылдьыбытым. Мин бу олоххо саха буолан төрөөбүппүн. Ол – мин дьылҕам. Бастакы сырыыбыттан Саха сиригэр маҕыньыыт курдук тардыһан барбытым. Бу да сырыым бүтэһик буолбатах.
– Туймаада ыһыаҕар тугу суолталаатыҥ?
– Ыһыахха ис-испиттэн өрө көтөҕүллэн сырыттым. Былырыын дьүөгэм бэлэхтээбит түгэхтээх ытарҕатын кэтэн, Маринаттан – бастыҥа, илин кэбиһэр, Аннаттан былаачыйа уларсан, сахалыы таҥнан барбытым. Атахпар кроссовкабын анньыммытым. Туймаада хочото олус киэҥ аартыктаах, көҥүл тыына биллэр. Ыһыах аһыллыытын, үс кэнсиэри көрдүм, хас да түһүлгэҕэ ыалдьыт быһыытынан ыҥырыллан, ас үчүгэйин амсайдым. Оһуокай, саха таҥаһын куонкуруһун көрдүм. Биир күн иһигэр элбэх көстүү! Алгыс сиэрин-туомун туһунан эттэххэ, кыра бөлөххө ыытыллар алгыһы быдан ылынар эбиппин. Онно киһи барыта кыттара улахан суолталаах. Оттон улахан ыһыахха ыытыллар алгыс олус киэҥ. Онон тыйаатыр оонньуутун курдук ылынным. Олус элбэх хамсаныы, сиэдэрэй таҥас-сап, сахалыы ырыа-тойук киһини өрүкүтэр. Ыһыахха дьон бары сахалыы таҥналлара олус үчүгэйдик көстөр. Итэҕэли киһи тэҥнээбэт, барытын ытыктыахха наада. Онон саха итэҕэлин хайдах баарынан ылынабын, ытыктыыбын.
– Сахалыы үстүрүмүөн, симэх туһунан туох санаалааххын?
– Кырыымпаны олус сэҥээрдим. Эһиил хайаан даҕаны атыылаһан, оонньуурга үөрэниэм. Хомус кылын тардарга Тайыына диэн этно-ырыаһыт үөрэттэ. Санаабар, сүрдээҕин сатаатым. Хомуска оонньоотохпуна, санаабынан айылҕаҕа хаамабын. Айыылар биллэр курдуктар. Саха ырыатын-тойугун, кылыһаҕын сөбүлээн истэбин. Соторутааҕыта медитация бөлөҕүн кыргыттара үрүҥ көмүс ытарҕа бэлэхтээбиттэрин, көрөрүҥ курдук, кэтэ сылдьабын. Саха дьахтарын симэҕэр олус ымсыырабын. Көмүс уустарын кытта билсиэхпин баҕарабын. Туох барыта кэмнээх-кэрдиилэх. Кэмэ кэллэҕинэ, үрүҥ көмүс симэҕи сакаастаан кэтиэм. Сыалбар аргыый аҕай айанныырбын сөбүлүүбүн.
Киинэни да,тэлэбиисэри да көрбөппүн
– Саха тылын төһө чэпчэкитик ылынныҥ?
– Университекка үөрэнэр кэммэр 20 омук тылын үөрэппитим. Ити тылларынан алтыһар кэммэр тылым күүһүрэр, онтон тохтуур кэммэр уоскуйар. Тылы толору баһылыыр диэни итэҕэйбэппин. Холобур, билигин испаниялыы саҥар диэн көрдөстөххүнэ, мин ыарырҕатабын. Тылы хайаан даҕаны толору баһылыам этэ диэн омуннурбаппын. Кэмигэр кэлэн, ситэн иһиэҕэ.
Саха тылын былырыыҥҥыттан үөрэтэбин. Билигин бэрт кыраны билэбин эрээри, онтон ончу санаарҕаабаппын. Ханнык да тылынан сыыһа саҥарарбыттан кыбыстыбаппын. Сүрүнэ – тылы ытыктааһын уонна тохтообокко үөрэтии. Куттаммакка ылсан иһиэххэ наада. Саха тыла – олус былыргы уонна уустук. Сахалыы дорҕоон атын омук тылыгар эмиэ баар. Онон атыҥыраабаппын. Арай «ыа» дифтону ыарырҕатабын. «Бах» диэн сыһыарыынан түмүктэнэр тыллары саҥарарбын олус сөбүлүүбүн: тарбах, чалбах, куобах... «Түннүк», «кутурук» диэн тыллар наһаа минньигэстик иһиллэллэр.
– Кэргэннээххин, оҕолооххун дуо?
–Кэргэним – итальянец. Миигин бары өттүнэн өйүүр. Бэйэтэ туһунан сыаллаах-соруктаах, суоллаах-иистээх. Оҕобут суох, ол оннугар ыттаахпыт. Биһиги бэйэ-бэйэбитин хааччахтаспаппыт, көҥүлү уонна истиҥ доҕордоһууну сыаналыыбыт. Бэйэм олохпор элбэҕи баҕарабын, былаанныыбын. Онтон биирдэстэрэ Саха сирин кытта билсии буолар. «Оҕо баар буоллаҕына – үчүгэй, суох буоллаҕына – иэдээн буолбатах» диэн өйдөбүллээхпит. Үөһээҥҥилэрбит тугу тосхойоллорунан олоробут, айабыт-тутабыт.
– Саха сиригэр тугу түһүүгүн?
– Олус үчүгэй ыйытыы. Оҕо эрдэхпиттэн иччилэри кытта алтыһабын. Оннук дьон түүллэрэ сиэдэрэй буолар дииллэр даҕаны, биир бэйэм күннээҕи олохпун, күнүс тугу гыммыппын түһүүр идэлээҕим: ханна эрэ ыксыыбын, оптуобуска айанныыбын, ааҕабын, бэл, хааһы буһарабын. Дэҥ кэриэтэ уратыны түһүүрүм. Былырыын манна кэлэн барыахпыттан уларыйыы буолла. Эриэккэс кырааскалаах дьикти түүллэри түһүүр буоллум. Ол ис куппар төрүтүм салгынын киллэрбиппиттэн буолуо диэн сыаналыыбын.
– Тас көрүҥҥэр ханнык истиили тутуһаҕын?
– Оҕо эрдэхпиттэн туһунан көрүүлээхпин. Маннык бүрүчүөскэлэммитим сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Төбөм сорох чааһа баттахтааҕа, сороҕо тараҕайа – ол мин дьиҥ бэйэм, дьиҥнээх Лаурабын. Билигин парикмахерга барыам. Ойоҕоһунан баттаҕым кыратык да үүнэрин сөбүлээбэппин. Арыт дьон сөбүлээбэтин таҥнабын. Ол эрээри ол – эмиэ миэнэ. Киһи бэйэтэ хайдах саныырынан, сөбүлүүрүнэн таҥныахтаах дии саныыбын. Бэйэбин олус убаастыыбын.
– Социальнай ситимнэргэ сыһыаныҥ хайдаҕый? Туох былааннааххыный?
– Киинэҕэ сылдьарбын, тэлэбиисэри көрөрбүн сөбүлээбэппин. Онно туох да туһалаах суох. Тугу да гыммакка, ким эрэ хамсыырын, саҥарарын көрөн киһи туга сайдыай? Төлөпүөнү, Интэриниэти, социальнай ситими үлэбэр эрэ наадатын быһыытынан туттабын. Социальнай ситим эрэкэлээмэни тарҕатарга, бэйэҥ туһунан киэҥ эйгэҕэ биллэрэргэ олус туһалаах. Ол эрээри онно өр олорбоппун. Миигин айылҕа, духуобунай сайдыы ордук интэриэһиргэтэр. Инстаграмҥа wild_heart_tarot, Фейсбукка Laura Perlin диэн аатынан булан, мин сурутааччыларбынан буолуоххутун сөп.
– Сахалыы тыыннаах «Кыым» хаһыат ааҕааччыларыгар түмүккэ тугу баҕарыаҥ этэй?
– Быйыл кэлээт, саха тылын көмүскүүр миитиҥҥэ кыттыбытым. Тыла суох – норуот суох. Олохтоох омуктар аан дойду үрдүнэн олус аҕыйахтар. Итэҕэл арааһа, сайдыы кимэн киириититтэн кыра норуот дууһатын, кутун-сүрүн сүтэрэр. Эмиэрикэҕэ нэһилиэнньэ 1 эрэ бырыһыанын олохтоох омуктар ылаллар, 99 бырыһыана – кэлии, атын омук дьоно. Итэҕэлэ, тыла суох норуот сайдыбат, тарҕаммат. Саха дьонугар итии сыһыаннарын иһин махтанабын. Оҕолоргутун, сиэннэргитин кытта сахалыы кэпсэтиҥ. Түҥ былыргыттан кэлбит култуураҕытын таптааҥ, харыстааҥ.
Оксана ЖИРКОВА.