Киир

Киир

“Пятница” ханаал “Пацанки” биэриитин 8-с сезонун кыттыылааҕа, 22 саастаах, талааннаах саха кыыһа Айыллаана Макарова бүгүҥҥү “Тэбэнэт” ыалдьыта. Саха сирин үгүс олохтоохторо, чуолаан ыччат дьон,  бу бырайыагы көтүппэккэ көрбүт уонна биир дойдулаахтарыгар ыалдьыбыт буолуохтаахтар.

Кини киэҥ эйгэҕэ Оелана диэн аатынан биллэр. Оелана “Суор” диэн ырыата Саха сиригэр эрэ буолбакка, атын соҕуруу куораттарга хит буолла.

Оелана Дьокуускай куоракка төрөөбүт, билигин Москубаҕа көһөн үлэлии-хамсыы сылдьар. Салгыы кини айар үлэтин туһунан кэпсэтиибитин ааҕыҥ, сэргээҥ.

– Айыллаана, дорообо! Дьэ, үгүс дьон болҕомтотун тардыбыт “Пацанки” биэрии 8-с сезонугар кытынныҥ, бырайыак туһунан кылгастык кэпсиэҥ дуо?

– Бырайыак мин олохпун тосту уларытта. Бу иннинэ асчытынан үлэлиирим, оттон билигин Москуба куоракка олоробун, айар үлэнэн дьарыктанабын, барыта кэминэн.

Олохпор саҥа кэрдиис саҕаланан эрэр, салгыы өссө үлэлиэм, кыһаллыам, үрдүккэ талаһыам. Маннык “шанс” киһиэхэ олоххо биирдэ бэриллэр, ону мүччү туппакка, ыарахаттартан чаҕыйбакка инним диэки баран иһиэм.

– Асчытынан ханна үлэлиир этигиний?

– Күннээҕи олохпор-дьаһахпар, аһылыкпар туттар харчыланаары Дьокуускайга баар “Муус хайа”, “Hils” эрэстэрээннэргэ үлэлии сылдьыбытым.

– Ээ, сөп. Ааккын Оелана диэҥҥэ пааспаргар уларыппытыҥ дуо?

– Суох, Оелана диэн миэхэ “ник” буолар. “Айыыттан айыллыбыт кыыс – Айыллаана” диэн дьонум ааттаабыттара, ол иһин хаһан даҕаны ааппын уларытыам суоҕа.

– Соцситимнэргэ көрбүтүм, эн "23" диэн ааттаан 6 ырыалаах альбом таһаарбыт эбиккин. Уопсайа хас ырыалааххыный?

– Ити альбом 2020 сыллаахха тахсыбыта, уопсайа 30-ча ырыалаахпын.

– Ырыаҥ тылын уонна матыыбын бэйэҥ айаҕын дуо?

– Оннук, барытын бэйэм суруйабын. Ырыа матыыбын айарбар атын дьон муусукатын уонна “бит” истэммин оҥоробун. “Тэтим music” диэн муусука оҥорор тэрилтэҕэ үлэлиир Андрей диэн уолу кытта үлэлиибин. Кини ханна, туохха сыыспыппын көрдөрөн, көннөрөн биэриэн сөп. Холобура, “Суор” диэн ырыабын кини аранжировкалаабыта, оттон бэк-вокалы Дима Потапов ыллаабыта. Барыларыгар махталым муҥура суох!

– Иэйиигин хантан ылаҕын?

– Иэйии, наада буоллаҕына олох кэлбэт. Ити, кырдьык, кыһалҕам буолар. Холобур, билигин эмиэ саҥа ырыа толкуйдуохпун наада даҕаны, төһө да “бит” истэ сатаабытым иһин, иэйии олох киирбэт.

Иэйии олус эмискэ кэлэр, онон кэллэ даҕаны “тутан ылыахха наада” дии саныыбын. Иэйии колибри чыычаах курдук тута элэс гынан хаалыан сөп буоллаҕа. Онон түгэни мүччү туппакка, суруна, суруйа охсуохха наада. Итинник тута сурумматах ырыаларбын, матыыппын төһөнү эрэ умнан кэбистэҕим. Баҕар, өссө ханнык эрэ хит буолуох ырыа суруллубакка хаалан хаалбыта буолуо үлэр).

– “Суор” диэн ырыа тылларын хаһан, хайдах суруйбуккунуй?

– “Суор” диэн ырыабын түүн 3-4 чаас диэки, уум кэлбэккэ, утуйбакка сытан суруйбутум. Түүн “муусука истиэххэ” дии санаабытым уонна идэбинэн “бит” холбообутум. Ол түгэҥҥэ ырыам тыллара кутуллан барбыттара. Итинник ырыа матыыба эмиэ үөскээбитэ, барытын биир түүн иһигэр толкуйдаабытым. Испэр “оо, туох эрэ буолан эрэр быһыылаах” диэн санаа тута охсуллан ааспыта. Билигин “Суор” диэн ырыабын дойдубар даҕаны, Москубаҕа, Санкт-Петербурга даҕаны ыччат дьон сэргээн истэллэр.

– Айыллаана, хас сааскыттан ырыа, ырыа тылларын суруйар буолбуккунуй? Оҕо сылдьан ыллыыр этиҥ дуо?

– Мин Джастин Бибер ырыаларын истэммин, 9 сааспыттан ыллыыр буолбутум. Бастаан хоһоон суруйар этим. 9-с кылааска үөрэнэ сылдьаммын, дьиэҕэ үлэбин оҥоруом оннугар, хоһоон суруйар этим. Онтон салгыы барыта түргэн баҕайытык табыллан испитэ.

– Бу соторутааҕыта Дьокуускайга аан бастакытын сыанаҕа тахсан ыллаатыҥ дии. Төһө долгуйдуҥ? Хайдах ааспытын сиһилии кэпсиэҥ дуо?

– Дьиҥинэн, ити аан бастакытын сыанаҕа тахсар күнүм буолбатах, дьон сыыһа өйдөөбүттэр. Мин 2020 сылтан ыллыыбын. Ити күн ырыабын дьон бары бииргэ ыллаһа туралларын көрөммүн хараҕым уута кэлбитэ, уйадыйбытым. Биллэн туран, долгуйбутум ахан, наһаа соһуйбутум уонна үөрбүтүм.

Билигин Дьокуускайга тиийэн, бэйэм дьонум ортотугар, истээччилэрбин кытта биир долгуҥҥа киирэн, ыллыахпын баҕарабын.

– Бу аҕыйах күннээҕитэ Москубаҕа эмиэ ыллаатыҥ дии, онно киһи бөҕө тэҥҥэ ылласпытын, көрөргө-истэргэ наһаа үчүгэй! Сахалар ис хоһоонун өйдүүбүт, оттон нууччалар, атын омуктар хайдах ылынныларый?

–  Итиннэ тугу этиэм этэй... Холобур, биһиги, эдэр дьон, казах эбэтэр атын да омук ырыаларын эмиэ сөбүлээн истэбит дии... Син ол тэҥэ, атын омуктар эмиэ мин ырыам матыыбын сөбүлээн истэллэр. Уопсайынан, манна нуучча сиригэр-уотугар сахалыы ырыалары иһитиннэрбиппэр, дьон олус сэҥээрбиттэрэ. Онтон мин ис-испиттэн үөрэбин эрэ.

Төрөөбүт тылбытын, саха тылын элбэх киһи истэрин, билэрин туһугар салгыы сайыннарыахпытын наада. Тус бэйэм кыаҕым иһинэн ити өттүгэр бастакы хардыыбын оҥордум дии саныыбын. Саха тылынан киэн туттабын, сахам дьонун наһаа ахтабын. Төттөрү дьиэбэр төннүөхпүн, дьоммун кытта чэй иһэ-иһэ, кэпсэтэ-ипсэтэ олоруохпун баҕарабын. Билигин атын куоракка кэлэммин, нууччалыы эрэ кэпсэтэргэ күһэллэбин.

– Инники өттүгэр туох былаан, саҥа ырыалары өссө да күүтэбит дуо?

– Оннук бөҕө буо, саҥа ырыалары күүтүҥ, баар буолуоҕа. Mozee Montana диэн ырыаһыттыын кыттыгас ырыабыт тахсыахтаах, онно мин күпүлүөтүн сахалыы тылынан толоруом.

Кэпсэттэ
Арина СТРУЧКОВА.

Бүтэһик сонуннар