Киир

Киир

Аны Саҥа дьылы хайдах көрсөргө, тугу кэтэргэ, дьиэни хайдах киэргэтэргэ, сандалыга туох ас-үөл баар буолуохтааҕа – куйаар ситимиттэн булбут сүбэлэрбэр ааҕыҥ. Луо сылын ханна да көрсөр көҥүл эбит, саамай сүрүнэ, үөрүүөтүү көтөллөөх, ырыа-тойук аргыстаах, төһө кыалларынан Саҥа дьылы бэһиэлэйдик көрсүөхтээххин. Кытай култууратыгар сыл хаһаайынын настарыанньатыгар, майгытыгар сөп түбэһиэхтээххин диэн этиллэр.

Тугу кэтэбит?

Луо сырдык, дьэрэкээн өҥнөрү, килэбэчигэһи, хаачыстыбалаах матырыйаалы биһириир. Саҥа дьылы дьиэҕэр да көрсөр буоллаххына, мааны таҥаскын булунуохтааххын. Кыһыл, көмүс, от күөх өҥнөрү сүбэлииллэр. Оттон матырыйааллара: атылаас, солко, барча, баархат, шифон. Уһун былаачыйаны кытта бөдөҥ күлүмүрдэс киэргэл, киэһээҥҥи макияж, бүрүчүөскэ барсаллар. Эр дьон, көннөрү путбуолкаттан, дисиинсэттэн аккаастанаргыт ордук. Көстүүмү эбэтэр ырбаахыны кытта ыстааны, кыһыл наскыны кэтиҥ, кыһыл эбэтэр от күөх хаалтыһы, бабочканы бааныҥ, көмүс саапаҥканы иилиниҥ.

Саҥа дьылга тугу астыыбыт?

Луо бары бэлиэлэртэн үчүгэйдик аһыырын сөбүлүүр (гурман). Ыскаатар маҥан эбэтэр кыһыл буолара ордук. Чүмэчилэрдэ, декоративнай элэмиэннэрдэ, салпыаккаларда эбэн биэриҥ. Бырааһынньыктааҕы остуол аһа-үөлэ элбэх, баай-талым буолуохтаах. Бүлүүдэ барыта сибиэһэй бородууктаттан астаныахтаах, полуфабрикаты, кэнсиэрбэни уурумаҥ. Дракон эти, Кытай бүлүүдэлэрин олус сөбүлүүр. Апельсины, мандарыыны, хурманы уураргын умнума.

Дьиэни хайдах киэргэтэбит?

Таҥаска-сапка курдук, дьиэ иһин эмиэ дьэрэкээн гына киэргэтиҥ, мөһүүрэлэр, гирляндалар, банаардар олус барсыахтара. Мас оҥоһуктар хайаан да баар буолаллара наада. Төһөнөн сыл хаһаайынын декора, бэлиэтэ, ойуута элбэх да, соччонон үчүгэй. Кыһыл эбэтэр көмүс дьүһүннээх сабыылар, сыттыктар, ыскаатардар, түннүк сабыылара Саҥа дьыллааҕы дьиэни өссө киэргэтэн, силигин ситэрэн биэриэхтэрэ. Оту-маһы, үүнээйини көстөр сиргэ туруоруҥ. Төһөнөн элбэх уоту-күөһү, күлүмүрдэс элэмиэни киллэрэҕит да, үүнэр сыл соччонон ситиһиилээх буолуоҕа.

Дракон сылыгар үгэстэр, бэлиэлэр

Үүнэр сылы иэһэ-күүһэ суох көр­сүҥ. Саҥа сыл үүнүөн иннинэ чугас дьоҥ­ҥутугар, билэр дьоҥҥутугар эри­йиҥ, төрүөт суох да буоллаҕына, са­наа­ларыгар туппаттарыгар көрдөһүҥ. Дьиэни кичэйэн сууйуҥ, муннуктары ыраастааҥ, наадата суох малы-салы, эргэ таҥаһы-сабы быраҕыҥ, ыскааптары сааһылааҥ. Луо олус бэһиэлэй кыыл, онон бырааһынньык иннинэ доҕотторгутун кытта көрсүҥ, күлүҥ-үөрүҥ, оонньооҥ, сыыртан салаасканан түһүҥ, хайыһардааҥ, үчүгэй настарыанньата эрдэттэн хаһааныҥ. Сыл хаһаайына кэччэгэй дьону сөбүлээбэт, онон уобараскытын үчүгэйдик толкуйданыҥ, атын киһи таҥаһын, эргэни кэтимэҥ. Бырааһынньыкка кыыһырсар, этиһэр бобуллар. Үүммүт сыл бастакы мүнүүтэлэрин таһырдьа атаарыҥ. Бастакы бакаалы сибиэһэй салгыҥҥа истэххэ, сыл устата Луо араҥаччылыы, көмүскүү сылдьыаҕа диэн өйдөбүл баар.

Үөһэ суруллубут сүбэлэри, этиилэри ким итэҕэйэр – итэҕэйиҥ, итэ­ҕэй­бэт – итэҕэйимэҥ. Ол эрээри хас биирдиибит Саҥа дьыл алыптаах түү­нүгэр ураты эйгэҕэ куустарабыт, сырдык эрэли күүтэбит. Луо олоҕун уларытыан баҕалаах хорсун, күүстээх санаалаах дьону биһириир уонна кини аптаах буоларын умнумаҥ. Ол эбэтэр ыра оҥостубут санаабыт хайаан да туолуоҕа!

Күндү ааҕааччыларбыт, кэлэн иһэр саргылаах Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан! От Күөх Дьүһүннээх Мас Луо сыла барыбытыгар ситиһиилээх, таһаарыылаах буоллун!

Айаана Ларионова.

Бүтэһик сонуннар