Киир

Киир

Хайа да тэрилтэҕэ сүрдээх үлэһит, турбут-олорбут дьон баар буолаллар. Омос көрдөххө, атыттартан чорбойбот, биллибэт-көстүбэт курдук эрээри, дьон быыһыгар сылдьан тустаах үлэлэрин үмүрүтэ охсубуттара эрэ баар.

Күтүөм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Михаил Егорович Семёновы ол дьон кэккэтигэр киллэриэххэ сөп.

1978 сыллаахха «тастыҥ эдьиийбит Луиза (Луиза Викторовна билигин СӨ, РФ доруобуйаҕа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ) артыыс кэргэннэммит» диэн сураҕы истибитим. Үөрүү-көтүү бөҕөтө буолан ылбыттаахпыт. Кыра сырыттахпытына, Саха тыйаатырыттан гостуруоллуу кэлбит артыыстар биһиги дьиэбитин быһа ааспат этилэр. Ийэбит кулуупка тиийэн хайаан да артыыс хоноһолоох кэлэр буолара. Онон биһиги артыыстары улаханнык ытыктыы, киэн тутта көрөрбүт. Ол иһин эдьиийбит артыыс киһиэхэ кэргэн тахсыбытыгар хайдах эрэ Саха тыйаатырыгар чугаһаспыт курдук санаммыппыт быһыылааҕа.

90-с сыллар саҥаларыгар сааһыары Орто Халыма Ойуһардааҕар оскуолаҕа дириэктэрдии сырыттахпына, Дьокуускайтан артыыстар кэлбиттэр диэн һуу-һаа бөҕөтө буолла. Уруоктан саҥардыы киирэн олордохпуна, аан тэлэллэ түстэ да, бэрт сытыы сирэйдээх-харахтаах, киппэ көрүҥнээх киһи киирэн кэллэ.

Артыыс күтүөбүн аан бастаан ити курдук билистим. Мааны ыалдьытым кэпсээнэ-ипсээнэ сүрдээх, онтун быыһыгар тэбис-тэҥҥэ үлэлиэх-хамсыах курдук туттар. Оһох оттоору оҥостубуппар аны чыыппаан тыыра оҕуста.

Аһаан кимиритэ түһэн баран, дэкэрээссийэтин-тойун бэлэмнэһэ кулуупка элэстэннэ. Киэһэлик кэргэммэр уонна миэхэ инники эрээккэ олоруоххут диэн, билиэт аҕалан туттартаата.

Дьыл-күн хаһан биир сиргэ турбута баарай. Күтүөм бэлиэр 75 сааһын туолан эрэр эбит. Киһи мыыммат сааһа. От ыйын 1 күнүгэр, оруобуна төрөөбүт күнүгэр, Ингмар Бергман «Альберти циркэтэ» дыраамаҕа Альберти оруолун толоруохтаах. Эһиил Саха тыйаатырыгар ханна да халбаҥнаабакка үлэлээбитэ 50 сыла буолар. Онон ордук ыччат дьон идэни таларга, сөбүлүүргэ, идэҕэ бэриниилээх буоларга кырдьаҕас артыыстан холобур ыллын диэн суруйарга холоннум.

Эрдэттэн болдьоһон, тыйаатырга көрсөн кэпсэттибит.

1943 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр Орджоникидзевскай (Хаҥалас) оройуон Улахан Аан нэһилиэгэр холкуостаах ыалга төрөөбүт. Аҕата Егор Иванович Семенов холкуос биир тутаах үлэһитэ буолан, Ааллаах Үүҥҥэ бэдэрээккэ тиийэ сылдьара үһү. Дойдутугар биллэр оһуокайдьыт уонна тойуксут эбит. Е.И. Семенов тылланан сэриигэ бараары гыммытын баар-суох кыайыгас үлэһиппит диэн ыыппатахтар. 1944 сыл от ыйыгар атынан от оҕустара сылдьан, эмискэ ыалдьан суох буолбут.

Ийэтэ Мария Петровна Семенова, Тиит Арыыттан төрүттээх, уҥуоҕунан кыра да буоллар, үлэһит бэрдэ дьахтар эбит, ону ааһан сүрдээх асчыт уонна иистэнньэҥ үһү. Кэргэнэ өлбүтүн кэннэ аны икки кыра оҕотун сүтэрэн, Булгунньахтаахха көһөн олохсуйбут уонна оскуолаҕа биэнсийэҕэ тахсыар диэри остуораһынан үлэлээбит. Улахан Ааҥҥа уонна Булгунньахтааахха олус ыраас туттуулааҕынан, асчытынан, оһуокайдьытынан уонна элбэх кэпсээннээҕинэн биллибит.

Миша 5-6-с кылааска үөрэнэ сылдьан учуутала Матрена Васильевна Зырянова тэрийбит дыраама куруһуогар дьарыктанар. Тимофей Сметанин «Егор Чээрин» айымньытынан сыаҥка туруорбуттарыгар ньиэмэс эписиэрин оруолун толорон үөрэр. Төрөппүттэрин удьуордаан ыллыыр, онтун таһынан мотуруос үҥкүүтүн толорор. Кэнсиэри көтүппэт буола улаатар.

Оскуолаҕа саамай куттанар биридимиэтэ матымаатыка эбит. Миша ийэтигэр көмөлөһөн, оскуолаҕа элбэх оһоххо мас хайытар, кыстыыр. Уу баһыыта эмиэ күннээҕи эбээһинэһэ буолар.

1962 сыллаахха аармыйаҕа ыҥырыллар. Чуумпу акыйааннааҕы флокка морускуой пехотаҕа үс сыл сулууспалыыр. Чааһыгар соҕотох саха туохтан да иҥнэн-толлон турбат. Отделение хамандыыра, «старшина первой статьи» сыбаанньаланар. Уус-уран самодеятельноска көхтөөхтүк кыттар. Үҥкүүһүтүнэн биллэр. Бу сылдьан ССРС норуодунай артыыһа В.Я. Самойлов Троекуров оруолун толорбутун биһирии көрөр уонна дыраама артыыһа буолуох баҕата уһуктар. Сулууспатын быыһыгар нуучча кылаассык суруйааччыларын айымньыларын сөбүлээн ааҕар. Пушкин, Горькай, Крылов суруйууларын биһириир.

Бииргэ сулууспалыыр табаарыһа «Новосибирскайга тыйаатыр училищета баар, онно туттарсыаххын сөп этэ» диэбитигэр иһиттим-истибэтим диэбиттии, диэмбэллэнээт, онно кыырайан тиийэр. Эксээмэннэрин олус бэркэ туттаран, үөрэххэ ылыллар. Училищеҕа пианиноҕа оонньуурга үөрэнэр, анал дьиссипилиинэ быһыытынан фехтованиеҕа дьарыктанар. Бу дьарыгын эмиэ олус сөбүлүүр. Арай гитараҕа үөрэппэтэхтэрин хомойо саныыр. Артыыс киһи хайаан да гитараһыт буолуохтаах диир.

М.Е. Семенов 1969 сыллаахха үөрэҕин бүтэрээт, Дьокуускайга кэлэн Саха мусукаалынай-драматическай тыйаатырыгар дыраама артыыһынан үлэҕэ киирэр. Ити кэмҥэ тыйаатыр режиссёрунан Федот Федотович Потапов үлэлиирэ. Ф.Ф. Потапов, дьиҥнээх сахалыы өйдөөх-санаалаах, киэҥ билиилээх, тыйаатыр ускуустубатын баһылаабыт, саха норуотун биир чулуу киһитэ, Михаил артыыс идэтин дьиҥнээхтик баһылыырыгар элбэхтик сүбэлээбит-амалаабыт.

Михаил Егорович билигин тыйаатыр ааспыт сылларын ахтан-санаан кэллэҕинэ, «чахчы даҕаны, саха үтүө-мааны саарыннарын уонна далбар хотуттарын кытта бииргэ алтыһан, сыанаҕа оруолларга үлэлээн кэлбиппин» диир.

1.М.Е. Семёнов

Биллиилээх артыыстар Афанасий Прокопьевич Петров, Яков Прокопьевич Кычкин куруутун Михаилы «уолбут», «оҕобут» диэн тыйаатыр кэлэктиибигэр харыстаан илдьэ сылдьыбыттар. «Гостуруолга бииргэ сырыттахпытына, сүүрэр-көтөр киһилэрэ мин буоламмын, оҕонньотторум олус сөбүлүүллэрэ» диэн ахтар.

Бастакы оруоллара: Иван Гоголев «Өлүөнэ сарсыардатыгар» – Мохсоҕол, Чингиз Айтматов «Ийэ хонуутугар» – Джайнак.

Эрдэтээҥҥи оруоллара: «Кыһыл Ойууҥҥа» – Оруос Баай, «Күкүр Ууска» – Ньүкэн, «Куба – мин тапталым» – Кеша, о.д.а.

Улахан оруоллара: П.А. Ойуунускай «Дойду оҕото Дорогуунап Ньукулайга» – Ньоондоор кулуба, Чингиз Айтматов «Хаарыан хампа күөх кытылым» – Мылгун, Иван Гоголев «Наара суоҕар» – Баачыка, о.д.а.

Маны таһынан М.Е. Семенов уонтан тахса историческай-документальнай киинэлэргэ араас оруолу толорон уһуллубута. Ол курдук, кини «Кураан кэнниттэн түспүт ардах» телефильмҥэ – Манчаары, «Олоҥхо дойдута» историческай киинэҕэ – Омоҕой баай, А. Балабанов «Өрүһүгэр» кинээс уо.д.а. оруоллары айбыта. Уопсайа сүүстэн тахса оруолу оонньообут.

Аан дойдутааҕы, Бүтүн Сойуустааҕы, Бүтүн Арассыыйатааҕы тыйаатыр бэстибээллэригэр кыттыбыта.

2.Альберти оруолугар

Чыпчылҕан ыйытыктар

– 50-ча сыл артыыстаабыт киһи, «эдэр режиссёр сороҕор сыыһа ыйар-кэрдэр быһыылаах» дии санааччыҥ суох дуо?

– Сороҕор санаабын этэбин эрээри, режиссёр эппитэ син биир сөп буолан тахсааччы.

– Тылбаас айымньы тыла-өһө хайдаҕый?

– Тылбаасчыттарбыт үчүгэйдэр. Тылы-өһү ырытабыт, сүбэлэһэбит, сороҕор мөккүһэбит даҕаны.

– Ордук табыллан оонньообут оруолуҥ?

– Чопчу бу оруол диэн этэр кыаҕым суох. Төһө кыалларынан көрөөччүгэ тиийэр курдук кыһаллабын.

– Артыыс киһи, кичэм баҕа санаалаах буолуоҥ?

– Арыый обургу оруолга түбэспит киһи диэн. Кэлин син оннук оруоллары биэрдилэр. Холобур, Руслан Тараховскай «Төлкөҕө» Дьаакыбылап кулуба оруолун, Сергей Потапов «Альберти циркэтигэр» Альберти оруолун итэҕэйдилэр.

– Урукку уонна аныгы көрөөччү туох атыннаахтарый?

– Урут сэбиэскэй иитии баһылаан-көһүлээн турдаҕына, көрөөччү арыый кэнэн курдуга. Билигин импэрмээссийэ үйэтэ буолан, көрөөччү олус сайынна, ирдэбилэ эмиэ оннук.

– Оруолуҥ тылын төһө түргэнник үөрэтэҕиний? Арааһа, ыарахана буолуо?

– Түргэнник үөрэтэбин. Айымньыҥ ис хоһоонун үчүгэйдик биллэххинэ, туттан-хаптан бардаххына, тылыҥ бэйэтинэн киирэр курдук. Саха тыла сүрдээх баай, араас дэгэттээх, онон тыл суолтатын билэриҥ хайаан да наада.

– Төрөөбүт тылбыт кэлиҥҥинэн олус иинэн-кэхтэн эрэр дииллэрин истэбит. Өрөспүүбүлүкэни биир гына кэрийэн гостуруоллуур киһи, итиннэ туох санаалааххыный?

– Ити кырдьык, баар суол. Тыл туттуллубат буолла да, умнуллан барар. Дыраама артыыһа эргэрбит тыллар суолталарын хайаан да билиэхтээх. Оскуолаҕа саха тылын үөрэтэргэ учуутал, бастатан туран, оҕо тылын саппааһын байытарыгар кыһаныахтаах дии саныыбын. Кырамаатыкаҕа олус охтумуохха.

– Тыйаатырга оонньуур судургу дуу, киинэҕэ дуу?

– Биир тылынан этэн кэбиһэр сатаммат. Оттон миэхэ тыйаатыр – сүрүн үлэм, киинэ – иккис былааҥҥа. Хайатыгар даҕаны дьон итэҕэйэрин, ылынарын курдук оонньуохтааххын.

– Дьонуҥ артыыс идэҕин төһө сөбүлүүллэр?

– Кинилэр өйүүр буоланнар, баччааҥҥа диэри үлэлии сырыттаҕым. Икки уоллаахпын, миигиттэн туспа идэлээх, эйгэлээх дьон. Биэс сиэннээхпин.

3. Омо5ой баай

– Артыыс буолуон баҕарар эдэр дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Саха тылын баайын-кэрэтин, араас дэгэтин үчүгэйдик билиэххэ уонна идэни чахчы таптыыр буолуохха.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына Михаил Егорович Семёновка үлэтигэр ситиһиини, бөҕө доруобуйаны баҕарыаҕыҥ.

Геннадий ГУРЬЕВ.

Хаартыскалар. 1. М.Е. Семёнов. 2. Альберти. 3. «Олоҥхо дойдута» киинэҕэ Омоҕой баай.

Санааҕын суруй