Киир

Киир

Дойду бэрэсидьиэнин дьаһалынан, олунньу 1 күнүттэн саҕалаан туох баар бары чуонуобунньуктар Арассыыйаҕа эрэ оҥоһуллубут массыыналарга көһүөхтээхтэр этэ. Туһааннаах дьаһалы үрдүк өһүөлээхтэр төһө толорон эрэллэрин бу диэн билбэппит эрээри, бу күннэргэ Ем. Ярославскай аатынан түмэлгэ “Lada Vesta” саҥа массыына кэллэ.
 
1dddacc0 29b7 4935 b16e 64a7c3cfc4e0Ем. Ярославскай түмэлин массыыната
 
“Мин чунуобунньук буолбатахпын. Бэйэ сиригэр оҥоһуллар “Ладаны” түмэлгэ диэн ыллыбыт. Үчүгэй массыына, айанныырга табыгастаах. Түмэлбит баара-суоҕа икки массыыналаах”, – диэн дириэктэр Николай Бугаев үллэһиннэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, аҕыйах хонуктааҕыта АвтоВАЗ “Lada Vesta” ABS тиһигин гидроблогун бырагырааматын саҥардыахтаах, оттон “Ниваны”саҥа сепараторынан хааччыйыахтаах.
 
Бу туһунан кэллиэгэлэрбит Yakutia24/Якутия24 суруйаллар.