Киир

Киир

Бүгүн аан дойдуга ортотунан уулаах ыстакааны көрөн туран: “Толору кэриэтэ”, – диир дьон бырааһынньыга. Мэлдьи үтүөнү, үчүгэйи ыралааччы, нууччалыы эттэххэ, оптимист күнүн, сыл аайы олунньу 27 күнүгэр бэлиэтииллэр.
 
1 №-дээх чахчы
 
Бу бэлиэ күн, бырааһынньык сүрүн бэлиэтэ – “Ыстакаан мэлдьи толору кэриэтэ” (стакан всегда наполовину полон) диэн этии. Бу этии мэлдьи үтүөнү ыралааччылар олоҕу көрүүлэрин толору арыйар.
 
2 №-дээх чахчы
 
Бу дьикти бырааһынньык устуоруйата 1909 сылтан саҕаланар. Бэлиэ күнү ити сыл Эмиэрикэҕэ баар “Оптимистар кулууптара” төрүттээбит. Бастаан ону муус устар 1 күнүгэр – Көр-күлүү күнүгэр – бэлиэтииргэ этии киллэрэ сылдьыбыттар да, ол олоххо киирбэтэх. Сыыйа бырааһынньыгы үгүс дойдуга сааһы көрсө, олунньу 27 күнүгэр, ылар буолбуттар. Ол иһигэр Арассыыйаҕа эмиэ.
 
3 №-дээх чахчы
 
“Оптимизм” диэн тыл латыын тылыттан “оптимальнай”, ол эбэтэр “саамай табыгастаах, үчүгэй” (благоприятный) диэн тылбаастанар.
 
4 №-дээх чахчы
 
Калифорния университетын учуонайдара “оптимизм гена” удьуорунан бэриллэр диэн быһааран тураллар. Ол гынан баран, итини кырдьык бүтэһик чахчытын курдук ылынар, бука, табыллыбата буолуо.
 
5 №-дээх чахчы
 
Төһө да бу бырааһынньыгы 1909 сылтан саҕалаан бэлиэтээтэллэр, чопчу хайдах быһыылаахтык бэлиэтэниэхтээҕэ, биир сүрүннээх быраабылата, сиэрэ-туома күн бүгүнүгэр диэри суох. Арай, “мэлдьи үчүгэйи-үтүөнү ыралыырга, олоҕу оннук көрөргө төрүөт буолар туох эрэ дьайыыны оҥоруохтааххын” диэн биир судургу быраабыла баар. Бэлиэтээн эттэххэ, олоҕу сырдык эрэ өттүттэн көрөр киһи үлэтэ-хамнаһа үтүө түмүктээх, таһаарыылаах буолар.   
 

Kyym.ru.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар